Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Культура» национальнай бырайыагын чэрчитинэн, Үөһээ Халыма улууһун оҕо искусствотын оскуолата саҥа музыкальнай үнүстүрүмүөннэри тутта. Бу туһунан СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Тэрилтэҕэ цифровой пианино, гитара, фортепиано, немецкэй аккордионнар, скрипкалар, хорга туһаныллар станоктар, ону тэҥэ национальнай үнүстүрүмүөннэр: кастаньеталар, ньуоскалар, трещоткалар, колотушкалар кэллилэр.
Ону тэҥэ, Горнай улууһугар саха төрүт үнүстүрүмүөннэрин — кырыымпаны, кылыһахтаах таҥсыыры, мас хобону, былаайаҕы, үс күпсүүрү, дьаҕаны, хабардьаны, сиксиири, быдьаайаҕы оҥортордулар.
Уруһуйдьуттар кылаастара мольбертары, уруһуйдары куурдар уонна харайар стеллажтары, быһарга уонна мээрэйдииргэ аналлаах остуоллары, быыстапка витриналарын, натюрморт уурар, этюд туруорар тэриллэри ыллылар.
Саамай ыарахан сыаналаах оборудование музыканы үөрэтэр кылааска кэллэ — проектордаах уонна дискалаах үс сегменнээх интерактивнай дуоска.
Маны таһынан, оҕо искусствотын оскуолатыгар уоту-күөһү, ноутбуктары, проектордары, сымнаҕас миэбэли аҕаллылар.
Оборудованиелары ыларга уопсайа биэс мөлүйүөнтэн тахса суума көрүллүбүтэ.