Хас биирдии хаһаайка тэлгэһэтин бэрийэригэр сайыҥҥы кэмҥэ ордук болҕомтотун уурар. Марта Семеновна этэринэн, дьэрэкээн сибэккилэри көрөрүттэн-харайарыттан туспа дуоһуйууну ылар. Тиэргэн устун хаамар тротуара, уота-күөһэ барыта тоҕоостоох уонна кэрэ көстүүлээх буоларын курдук дууһатын анаан туран оҥостубут.