Үгэһи ыччакка – саҥа кинигэлэр

Тыл билимин хандьыдаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ Ангелина Афанасьевна Кузьмина “Үгүлээт фольклора” уонна “Саллаат сэһэнэ” кинигэлэрэ тахсыбыттара (2020 с.). “Үгүлээт фольклора” кинигэҕэ Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгин кырдьаҕастарыттан норуот тылынан уус-уран айымньыларын хомуйбута уонна эргэрбит, түөлбэ уонна харыс тыллары чинчийбитэ, кылгас тылдьыт оҥорбута. Оттон “Саллаат сэһэнэ” кинигэтигэр байыаннай-бэлитиичэскэй оскуоланы бүтэрбит кадровай офицер, Аҕа дойду Улуу сэриитин  кыттыылааҕа Георгий Дмитриевич  Борисов сэрии туһунан суруйан хаалларбыт рукопиһын булан, сааһылаан, сиик буолан сүппүт сүрүгүн-бичигин чопчулаан, хаартыскаҕа кимнээх түспүт буолуохтарын сөбүн быһааран, олоҕун, бойобуой доҕотторун, бииргэ үлэлээбит дьонун, аймахтарын булан ахтыылары хомуйан, көрдүүр-чинчийэр үлэни ыыппыта. Бу кинигэҕэ Г.Д. Борисов сэриигэ буолбут быһыыны-майгыны туох да киэргэтиитэ суох хайдах баарынан суруйбута уонна тыла-өһө ууһа-урана умсугутар. Кэлин өссө да суруйбута буоллар, үчүгэй суруйааччы буолуоҕа хаалбыт диэн сыаналыахха сөп. Кинигэ саха норуота сэриигэ кыттыытын, хорсун-хоодуот быһыытын-майгытын толору көрдөрөр.

Бу соторутааҕыта Ангелина Афанасьевна оҕолорго аналлаах «Мас тоҕо үүнэрий?» уонна улахан дьоҥҥо «Олох ыллыктара» диэн кэпсээннэрин хомуурунньуктара таҕыстылар. Оҕолорго аналлаах кинигэтигэр оҕо саас мүччүргэннээх түгэннэрин туһунан көрдөөх кэпсээннэр үтүө быһыыга, саха үгэһигэр үөрэтэллэр, таарыйа туох, хайдах баар буолбутун судургутук өйдөнөр тылларынан билии аптаах-алыптаах дойдутугар сирдииллэр. Улахан дьоҥҥо аналлаах кинигэтигэр олох-дьаһах, дьон уустук дьылҕатын туһунан араас кэмнэри көрдөрөр уус-уран айымньылар ис хоһооннорунан наарданан, түһүмэхтэргэ аттарыллан киирдилэр. Айымньылар эдэр ыалы уонна ыччаты төрөөбүт дойдуну таптыырга угуйар, саха билиитин-көрүүтүн иҥэрэр, төрүт дьарыгар уһуйар тосхоллоохтор. Бу кинигэлэри аахпыт уһуйааччылар санааларын маннык үллэһиннилэр:

Чехордуна Екатерина Петровна, педагогическай наука хандьыдаата, этнопедагог:

– Кинигэҕэ олох-дьаһах, дьон уустук дьылҕатын туһунан уус-уран айымньылар киирбиттэр. Ааптар дьоруойдара олох араас кэмнэригэр киһи бэйэтин үрдүк аатын илдьэ сылдьан, буолар түгэннэргэ көнөтүк, чиэһинэйдик быһаарынан, үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыһаллар. Олох олорорго омук утумнаан илдьэ сылдьар үгэстэрин билии, туһаныы, сиэри-туому тутуһуу, айылҕалыын алтыһыы, ырааска, сырдыкка, дьоһуҥҥа угуйар аналлаахтарын итэҕэтиилээхтик арыйаллар. Бу атааннаах-мөҥүөннээх дэммит олоххо,  хайдаҕын да иһин үчүгэйгэ эрэ тардыһан, онуоха эрэ дьулуһар киһи орто дойду дьолун тобулар. Айымньылар ааҕааччыны онуоха   сирдиир аналлаахтар. 

Кинигэҕэ норуот тылынан уус-уран айымньылара сөптөөх сиргэ киирэн иһэллэрэ ордук сэҥээрдэр. Тылга кыра оҕоттон саҕалаан, төрөппүккэ тиийэ болҕомтолоох сыһыан уурулларыгар айымньылар бигэ тирэх буолуохтара.

Оҕолорго анаммыт кэпсээннэргэ айылҕа көстүүлэрэ оҕо кыраҕы хараҕынан ойууламмыта киһи болҕомтотун тардаллар. Ааптар туһалаах билиини-көрүүнү оҕо кэбэҕэстик өйдүүрүн курдук тириэрдэр. Айымньылар ис хоһоонноруттан оҕо ураты айылҕалаах Саха сиригэр олорор киһи күннээҕи олоҕор, бултууругар, үлэ араас көрүҥэр сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах элбэх билиини ыларыгар саарбахтаабаппын. Ол курдук үгэс арааһа судургу тылынан кэпсэнэр. Бу барыта оҕолору эрэ буолбакка, ханнык баҕарар ааҕааччыны үтүө быһыыга, үгэскэ, култуураҕа, төрүт дьарыкка сыһыаҥҥа саҥалыы көрүүнү киллэриэхтэрэ, олохтоохтук ылсарга үөрэтиэхтэрэ. 

Кинигэлэр дьоҥҥо-сэргэҕэ, ыччакка, оҕоҕо тиийэн ыллыктаах санаалары сахтыннар, үтүө сүүрээннэри киллэрдиннэр!

СӨ култууратын туйгуна, үрдүк категориялаах учуутал Наталья Иннокентьевна Мордовская:

– Ангелина Афанасьевна Кузьмина кинигэлэрин олус сөбүлээтим. Кинигэлэр уратылара диэн ааптар тылы билэрэ олус үчүгэйдик көстөр. Эргэрбит тыллар, өс хоһоонноро, сомоҕо домохтор, ураты тэҥнэбиллэр элбэхтэр. Төрөөбүт норуоппут устуоруйатын, сиэрин-туомун, үгэһин ыччакка үөрэтэргэ, тириэрдэргэ бэртээхэй матырыйаал буолуоҕа. Улахан дьоҥҥо аналлаах кэпсээннэригэр Ангелина Кузьмина, уларыта тутуу кэмин оҕото, ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр, майгы-сигили сатарыйыытын, олох очурдарыгар түбэһии, элбэхтик мунуу-тэнии кэннэ сырдыкка, кэрэҕэ тардыһан, күүстээх санааларынан бу ыарахаттары туоруулларын, хаһан баҕарар киһи сиэрдээх майгытын ыһыктыа, өбүгэ саҕаттан утумнаан кэлбит билиитин, дьарыгын сүтэриэ суохтааҕын тириэрдэр. “Маҥан таба айана” сэһэнигэр элбэх омук олорор Саха сирин уратыта, сиэрэ, үгэһэ көстөр. Этнографияны үөрэтэргэ дириҥ суолталаах айымньы быһыытынан сыаналыахха сөп. Сахаттан тахсан иһэр биир чаҕылхай ыччаппыт Ангелина Кузьминаҕа бу сыралаах, ыарахан, ол эрээри суруйааччы олус интэриэһинэй айар үлэтигэр өссө үрдүктэн үрдүк чыпчааллары дабайан иһэригэр баҕарабын!