«Үрдэл-2022» национальнай музыкальнай бириэмийэ бастакы бөлөҕүн куоластааһына алтынньы 16-30 күннэригэр «Саха»НКИХ телеграм ханаалыгар ааста.
Көрөөччү куоластааһынын түмүгүнэн Дуолан уонна Анита Трофимовтар 5424 куолаһы ылан бастаатылар, Далаана 4595 куолаһы ылан иккис буолла.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан Айса уонна Кирилл Матвеев, ону тэҥэ «Snow voice» бөлөх эмиэ финалга таҕыстылар.
*Куоластааһын түмүгүнэн икки бастакы элбэх куоластаах финалга тахсар. Өссө икки финалга тахсар кыттааччыны дьүүллүүр сүбэ быһаарар.