«ҺӨҔҮҤ» арт-эбийиэги Дьокуускайга оҥордулар — НВК Саха

Саха сирин сурук-бичик күнүгэр анаммыт «ҺӨҔҮҤ» арт-эбийиэги Дьокуускайга оҥордулар. Бу туһунан СӨ национальнай библиотекатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сахалыы суругу-бичиги төрүттээбит маҥнайгы лингвист-учуонай С.А. Новгородов буукубаларыттан турар. «Саха сирин култуурата» айар бөлөх саха буукубаларын Һ,Ө,Ҕ,Ү,Ҥ сэдэхтик, биитэр уларытан туттар буоламмыт саха тылын сүтэрэр кутталлаахпыт дии саныыллар.

Көхтөөх кыттааччылар бырайыак оҥорон Ил Дархан уонна култуураны көҕүлээччи бэрэсидьиэн пуондатын гранын ыллылар

Сахалыы сөпкө суруйары туруоруллубут сиригэр эрэ буолбакка, интэриниэт ситимигэр санатыахтаах арт-эбийиэк.

Арт-эбийиэккэ туттуллубут буукубалар «сөҕүҥ» диэн тылга дьүөрэлэһэр. «ҺӨҔҮҤ» эбийиэк Роман Терентьев салалтатынан оҥоһулунна, автор-худуоһунньук — Александра Неустроева, Людмила Федорова уонна Анна Саввина.

Буукубаларга баар кюар-кодунан киирэн Саха сирин артиската Майа Слепцова толоруутугар А.Е.Кулаковскай поэмаларын истиҥ. Маны тэҥэ «Тундра» анимационнай студиятыттан уонна Александр Охлопковтан видеоарт «ҺӨҔҮҤ» көрүөхүтүн сөп.