«ҺӨҔҮҤ» арт-тутуу дьэндэйдэ (ВИДЕО) — Саха сирэ

Саха сирин судаарыстыбаннаһын күнүнэн төрүт дорҕооҥҥо, сурукка-бичиккэ анаммыт «ҺӨҔҮҤ» арт-тутууну «Саха сирин култуурата» айар бөлөх уонна  Национальнай библиотеката дьоҥҥо-сэргэҕэ бэлэх ууналлар.

Бу арт-тутуу төрүт дорҕооннорбут сыыппара үйэтигэр сүтэн-симэлийэн хаалбакка, үйэттэн үйэҕэ туттулла турдуннар диэн санааттан оҥоһулунна.