Аны икки-үс хонугунан Өлүөнэ өрүскэ муус устуута Саха сирин кыраныыссатыгар тиийиэҕэ диэн СӨ гражданскай оборуонаҕа уонна куттала суох буолууну хааччыйыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Ол курдук, ыам ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, Өлүөнэ өрүскэ муус устуутун аллараа кырыыта Иркутскай уобалас Змеиново гидро-пуоһун аннынан баар. Онон икки-үс хонугунан Саха сирин кыраныыссатыгар тиийиэҕэ уонна Ленскэй оройуонугар Витим-Пеледуй диэки муус хамсаан барыаҕа.
Ленскэй оройуонугар өрүскэ уу таһыма сыыйа үрдээн эрэр, муус үрдүнэн уу тахсыбыта бэлиэтэнэр. Маача-Кангаласс учаастагар сууккаҕа 5-20 см уу эбиллэр.
Алдан өрүскэ эмиэ уу таһыма үрдүүр, муус хараарбыт. Алдан салааларыгар — Учур уонна Маайа өрүстэргэ муус көтөҕүлүннэ.
Амма өрүскэ уу муус үрдүнэн тахсан, сорох сиринэн хамсаан эрэр.