100 №-дээх оптуобус медкиинтэн аэропорка диэри маршрутунан сылдьыаҕа

Дьокуускайга атырдьах ыйын 1 күнүттэн оптуобус саҥа маршрута аһылынна.

100 №-дээх оптуобус медкиинтэн авиапорка диэри айанныаҕа (төттөрү эмиэ). Яков Потапов, Сэргэлээх, Ойуунускай, Поярков, Дзержинскэй, Өктөөп 50 сыла, Можайскай, Гагарин уулуссаларын тохтобулларыгар таарыйан ааһыаҕа. Бу маршрутунан саҥа кэлбит КАВЗ 4270 диэн оптуобустар сүүрүөхтэрэ. Гаас уматыгынан үлэлииллэр, 28 олбохтоохтор.

Санатан эттэххэ, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын чэрчитинэн, быйыл саас Дьокуускай куорат уонна  аттынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарын  олохтоохторун таһарга аналлаах сабыс-саҥа 100 оптуобус атыылаһыллыбыта. Балары атыылаһарга федеральнай бүддьүөттэн 193 мөл солк. уонна  лизинг маҥнайгы төлөбүрүгэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 120 мөл. көрүллүбүтэ.

Хаартыска — СИА