2024 сылга Олоҥхо Ыһыаҕа Амма улууһугар буолуоҕа — НВК Саха

2024 сылга Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын бэлэмнэниитин былаанын кулун тутар 31 күнүгэр диэри бигэргэтиэхтэрэ.

Тэрийэр кэмитиэт бырааһынньык тэриллиитин боппуруостарынан тиийэ сырытта. Билиҥҥи туругунан, былааҥҥа тэрээһин биэс балаһалаах буолара биллэр.

«Бастатан туран, тутуу үлэтин, чуолаан сиэр-туом ыытыллар сирин, ыалдьыттары көрсөр, үгэс быһыытынан ыытыллар күрэстэр балаһааккаларын, тэрээһин ыытыллар сирин, суол инфраструктуратын, территорияны толору хааччыйыы үлэтэ ыытыллыаҕа. Уопсайа 40-тан тахса эбийиэк тутуллан, биир улахан этно-култуурунай комплекс буолуоҕа», — диэн СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов эттэ.

Ону тэҥэ, Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн, бэстибээллэр уонна куонкурустар, конференциялар буолуохтара.

«Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытын уонна түмүктүүр тэрээһинин улуус олохтоохторун уонна тэрийэр кэмитиэт быһаарыытынан, Судаарыстыбаннай циркэ дириэктэрэ Сергей Расторгуев ананна», — диэн миниистир эттэ.

 

ТАР5АТ: