220 хонуктаах кыһыҥҥы кэм саҕаланна

Алтынньы ый 14 күнэ православнай таҥара итэҕэлинэн, Сибэтиэй Боҕоруодусса Бокуруобун, судургутук эттэххэ, Бокуруоп күнэ. Биһиэхэ, сахаларга, бу эмиэ бэлиэ күн. Муҥхалааһын, идэһэни дьаһайыы саҕаланар.
Дьыл алтыһыыта буолан, Бокуруоп билгэтэ элбэх. Бу күнүнэн кыһыны сылыктыыллар. Ол курдук, маҥнайгы хаар алтынньы 14 күнүгэр диэри түстэҕинэ, кыһын арыый хойутуур, оттон Бокуруоп күн хаардаатаҕына, Миитэрэйэпкэ (сэтинньи 8 күнүгэр) эмиэ түһэр, Бокуруопка күн-дьыл хайдаҕый да, кыһына оннук буолуо дэнэр. Урут баччаларга хаар түһэр буоллаҕына, быйыл сирбит харанан турар. Бу күн хаардаатаҕына, сэтинньи ый 21 күнүгэр диэри кыһын кэлиитин 40 хонук күүтэллэр. Хотуттан тыалырдаҕына – тымныы кыһын, арҕааттан тыалырдаҕына – сылаас кыһын буолар. Онтон Бокуруоп күн сылаас күн-дьыл турдаҕына, тымныы түһэрэ хойутуур, тымныйдаҕына – тымныы эрдэлиир.

Источник: https://t.me/MunicipalformationChurapcha/6764

ТАР5АТ: