Хатырык нэһилиэгин землячествота биир дойдулаахтарыгар көмөлөһөн, АГАТУ-га гуманитарнай көмөнү хомуйар анал пууну биир бастакынан тэрийбитэ.
Бу күннэргэ гуманитарнай көмөнү хомуйуу пууннара элбээбитинэн, Хатырык землячествота сарсыҥҥыттан бэйэтин үлэтин түмүктүүр. Ол эрээри өйөбүл оҥоруу үлэтэ тохтообот — бу аадырыска салгыы Нам улууһун дьаһалтатын гуманитарнай көмөнү оҥорууга ыстааба үлэлиэҕэ. Онон көмөлөһүөн баҕалаах дьон АГАТУ-га кэлэн, үтүө санаа аахсыйатыгар кыттыһыаххытын сөп.
Мин бүгүн эбиэт кэннэ АГАТУ-га Хатырык землячествота тэрийбит пуунугар тиийэ сылдьыыбар дьон кэлэ турар этэ.
Горнай улууһун Атамай нэһилиэгиттэн анаан билсэ сылдьыбыттарын туһунан гуманитарнай көмөнү оҥорор аахсыйаны тэрийбит Хатырык землячествотын волонтердара маннык кэпсээтилэр:
Бэрт элбэх араас көмө киирэ турар. Күн аайы таһаҕаһы толору тиэммит массыыналар Хатырыкка субуһа тураллар эбит.
Мин кэпсэтэн бүтэн тахсыыбар, араас тутуурдаах дьон биир-биир, бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан, кэлэн истилэр. Дьокуускайдааҕы Үүт собуотун массыыната кытта тиийэн кэлбитэ.
… Ити курдук, сааскы халаан уутугар эмсэҕэлээбит Хатырык, Маймаҕа, Атамай нэһилиэктэригэр бу күннэргэ үтүмэн гуманитарнай көмө барда. Кырдьык да, «норуот күүһэ — көмүөл күүһэ» диэн бу буоллаҕа!