Ыам ыйын 24-25 күннэригэр Москваҕа “Арассыыйа” аан дойдутааҕы быыстапка-пуорумугар Уһук Илин уонна Хотугу сир (Арктика) макроэрэгийиэннэрин сайдыытын күннэрэ ыытыллыахтара.
Бырагыраама быһыытынан, судаарыстыба салайааччылара, Уһук Илин уонна Арктика эрэгийиэннэрин губернатордара, эспиэрдэр уонна наука үлэһиттэрэ кыттыылаах “төгүрүк остуоллар”, пленарнай мунньахтар былааннаналлар. Болҕомто киинигэр – Уһук Илин уонна Арктика эрэгийиэннэрин сайдыыларыгар дьоһун суолталаах боппуруостар бааллар.
Тэрээһиннэр чэрчилэринэн ыытыллар “Арассыыйа Арктиката – инники суола” пленарнай мунньахха РФ Арктика зонатын тирэх куораттарын сайыннарыы биир кэлим былааннарын дьүүллэһиэхтэрэ. Кэпсэтии кыттыылаахтарын ортолоругар Юрий Трутнев, Алексей Чекунков, Федерация сэбиэтин эрэгийиэннээҕи бэлиитикэҕэ, олохтоох бэйэни салайыныыга уонна Хотугу сир дьыалаларыгар кэмитиэт чилиэнэ Григорий Ледков, РФ Арктика зонатын губернатордара бааллар.
РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, Арктика тирэх пууннарынан буолбут нэһилиэнньэлээх пууннарга сайдыы маастар-былааннара оҥоһуллаллар. Стратегическай докумоннар от ыйын 1 күнүгэр диэри оҥоһуллан бүтүөхтээхтэр.
Саха сиригэр “Тикси-Найба” агломерация маастар-былаана оҥоһулунна. Маастар-былаан сүрүн бырайыага – Булуҥ улууһун Найба сэлиэнньэтин оройуонугар муора пуордун дириҥ уулаах терминалын тутуу. Ону таһынан олорор дьиэлэри, социальнай инфраструктураны тутуу, саҥардыы, өрөмүөннээһин, уопсастыбаннай миэстэлэри тупсаҕай оҥоруу, уулусса суолларын туруктарын нуормаҕа эппиэттиир гына тупсарыы, ВОЛС, канализацияны оҥоруу уонна уулуссаны сырдатыы былааннаналлар.
Күннэр чэрчилиэринэн “Уһук Илин: дьон, экэниэмикэ, куораттар” пленарнай мунньах буолуоҕа.
РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы — Уһук Илиҥҥэ РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев, РФ Федеральнай мунньаҕын Судаарыстыбаннай Думатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ирина Яровая, Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга РФ Федеральнай Мунньаҕын Судаарыстыбаннай Думатын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Харитонов, Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга РФ миниистирэ Алексей Чекунков, Уһук Илин уокуругун губернатордара Уһук Илин ааспытын, билиҥҥитин уонна инникитин кэпсэтиэхтэрэ. Ону таһынан аныгы куораттарга дьоллоох олоҕу хааччыйарга туох наадатын дьүүллэһиэхтэрэ. Кэпсэтиини “Арассыыйа” аан дойдутааҕы быыстапка-пуорумҥа социальнай чинчийиилэр эспиэрдиир институтун (ЭИСИ) устуудьуйатын ыытааччыта, РАСО политтехнологияларга кэмитиэтин салайааччыта Евгения Стулова сүрүннүөҕэ.
Санатан эттэххэ, быыстапка РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан 2023 сыл сэтинньи 4 күнүттэн саҕаламмыта.
(СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата)