Бу күннэргэ ДНР-га өрөспүүбүлүкэ тирэх пуунугар байыастарбытыгар анаан саҥа дьыллааҕы бэлэх тиэниилээх икки автопоезд айаннаан тиийиэҕэ. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ тирэх пууннарын сүрүннүүр «Юстас» позывнойдаах үлэһит иһитиннэрдэ.
Кини этэринэн, тирэх пууннарга Ил Дархан бэлэхтэрин тута тиэрдэргэ бары бэлэм олороллор. Хас биирдии нобуорга олохтоох аһы-үөлү: ыыһаммыт балык, хатарыллыбыт эт, халбаһы, собо миинэ, минньигэс, утах уонна отон сүмэһинэ уктулар.
Соторутааҕыта эмиэ итинник саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри госпиталларга эмтэнэ сытар байыастарбыт туттулар.