Ахсынньы 12 күнүгэр Россияҕа Конституция күнэ бэлиэтэнэр — НВК Саха

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, дойду үрдүнэн Россия Конституциятын күнэ бэлиэтэнэр. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу күн 1993 сыллаахха бүтүн норуот куоластааһынынан судаарыстыба сүрүн сокуонун ылыммыттара. Сыл ааспытын кэннэ ахсынньы 12 күнүн судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан биллэрбиттэрэ. Саха сирин дьонун-сэргэтин Ил Дархан Айсен Николаев Россия Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлээтэ.

«Судаарыстыбабыт барыта конституцияттан тутулуктанар. Бу элбэх омуктаах дойду бары кыһалҕаларыгар эппиэттиир сокуон. Сүрүн сокуону ылыныы ахсынньы 12 күнүгэр 1993 сыллаахха Россия судаарыстыбаннаһын оҥоруу саҥа түһүмэҕэ буолбута. Биллэн турар, кэм-кэрдии ханнык баҕарар сокуоҥҥа дойду сайдыытын интэриэстэригэр эппиэттиир уларытыылар киирэллэр эрээри, кылаабынайа — биһиги гражданскай быраабы уонна көҥүлү, тутулуга суох уонна биир кэлим буолууну мэктиэлиибит», — диэтэ кини.

Санатан эттэххэ, бүгүн Дьокуускай телебашнята Россия Конституциятын күнүнэн 19:00-тан 20:00 чааска диэри Россия былаҕын өҥүнэн сандаарыаҕа.