Ахсынньы 2 күнүгэр «Arctic Fashion Show-2021» буолуоҕа — НВК Саха

Ахсынньы 2 күнүгэр киин куорат «Триумф» спорт киинигэр «Arctic Fashion Show-2021» тэрээһин буолуоҕа. Бу туһунан АГИКИ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бу туһунан Саха сирин баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Быйыл 20-тэн тахса саҥа саҕалааччылар, биллиилээх дизайнердар бэйэлэрин коллекцияларын көрдөрүөхтэрэ. Бастакытын тэрээһиҥҥэ Татарстан дизайнера кыттыаҕа. Сүрүн истилииһинэн Гала Борзова буолла», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

«Arctic Fashion Show-2020» өрөспүүбүлүкэ дизайнердарын үлэлэрин көрдөрүү «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар.

Тэрээһин онлайн көрүҥүнэн буолуоҕа.

Тэрийээччилэр СӨ урбаан министиэристибэтэ уонна АГИКИ. Быһа холбонуу НВК «Саха» ханаалга көстүөҕэ.