Айтал Степанов бүтүн Россиятааҕы киинэ бэстибээлигэр «Бастыҥ актёр» ааты ылла

Саха артыыһа Айтал Степанов «Вече»бүтүн Россиятааҕы киинэ бэстибээлигэр Тимофей Сметанин сэһэнинэн уһуллубут «Рядовой Чээрин» киинэҕэ оруолун иһин «Бастыҥ актёр» ааты иҥэрдилэр. Бу туһунан НКИХ «Саха» иһитиннэрэр.

 «Соһуйдум аҕай. Бу бэстибээлгэ кыттыбыппын туһунан соторутааҕыта билбитим. Маннык курдук үрдүк таһымнаах бэстибээллэргэ кыайыам диэн толкуйдаабатаҕым. Киинэни устубут бөлөххө, режиссер Дмитрий Кольцовка, продюссер Ньургун Ивановка махтанабын», — диэтэ Айтал Степанов.

Бу иннинэ артыыс Чебокраскай куоракка ыытыллыбыт аан дойдутааҕы бэстибээлгэ «Актер бастыҥ үлэтэ» номинацияҕа кыайбыта уонна аан дойдутааҕы «Литература уонна киинэ» бэстибээлигэр «Бастыҥ эр киһи оруола» аатынан наҕараадалааммыта.

«»Рядовой Чээрин» киинэ мин бастакы үлэм. Хата миэхэ барыта сөпкө табылынна диэххэ сөп. Билигин Айтал Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тыйаатырдарыгар үлэлиибин», — диэн артыыс кэпсээтэ.

«Вече» бүтүн Россиятааҕы киинэ бэстибээлэ Великай Новгород куоракка 15-с төгүлүн ыытыллар.  

«Рядовой Чээрин» киинэ, саха фронтовик-суруйааччыта Тимофей Сметанин 1947 сыллаахха суруйбут «Егор Чээрин» сэһэнинэн уһуллубута.

Айымньыга хорсун, сатабыллаах саллаат Егор Чээрин туһунан кэпсэнэр.