Бу күннэргэ Куду диэн сиртэн айаннаан иһэр суоппар Алаҥха алааһын суолугар фекалияны аҕалан сүөкээбиттэрин туһунан видео уһулбута тарҕанна. Онно көстөрүнэн, сүөкэммит убаҕаса иэнэ олус улахан уонна халыҥ, аны саас уулуннаҕына, ыарыы төрдө буолууһу.
Биһиги СӨ Экология министиэристибэтиттэн быһаарыы көрдөөтүбүт. Сотору буолаат, хоруй кэллэ. Онно суруллубутунан, Үөһээ Бүлүүтээҕи Экологияны кэтиир иниспиэксийэ бэрэбиэркэ ыытан, суобаһа суох суоппардар убаҕас тобоҕу «Водоканал» АУо эбийиэгэр илдьэн сүөкүүр оннугар ТКО полигонугар илдьэн куппуттарын, онтулара суолга тахсан 750 кв.м. иэннээх сиргэ тарҕаммытын быһаарбыт.
Онон, видеоҕа көстөр суол кэрчигэр эппиэтинэстээх Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатыгар сэрэтии ыытыахтара уонна суолу түргэнник ыраастыырга модьуйуохтара. Манна даҕатан, иниспиэксийэ убаҕас тобоҕу тоҕуу ирдэбилин кэһиигэ 5 административнай дьыаланы көбүппүтүн бэлиэтээбиттэр.