Александр Козлов: Ыам ыйыгар “Север” бөртөлүөт Саха сиригэр ойуур баһаарыгар үлэлии кэлиэҕэ

“Ойуур баһаарын умуруорууга “Север” диэн анал икки бөртөлүөт уонна өссө түөрт бөртөлүөт бу күннэргэ бэлэм буолан дьуһуурустубаҕа тахсыахтара. Иккиттэн биир бөртөлүөтүн ыам ыйыгар Саха сиригэр ыытыахпыт”, – диэн бэлиэтээн эттэ РФ айылҕатын ресурсаларын уонна экологиятын миниистирэ Александр Козлов бэҕэһээ брифинг кэмигэр.

Александр Козлов иһитиннэрбитинэн, “Экология” национальнай бырайыак чэрчититинэн ойуур баһаарыгар туттуллар тиэхиньикэлэри, оборудованиелары ылыы бара турар. Бу бырайыак чэрчитинэн билигин салгын тырааныспардара оҥоһуллан бүтэн эрэллэр.

– Быйыл ойуур баһаарын сэрэтиигэ, умуруорууга барыта 14 млрд солкуобай көрүллүбүтэ. Бастатан туран, манна салгын тырааныспарынан хааччыллыыга болҕомто уурулунна. Бөртөлүөттэр, сөмөлүөттэр киһи, массыына сатаан тиийбэт сирдэрин кэтээн көрүөхтэрэ, ону таһынан баһаар барар түгэнигэр суһаллык анал десаны түһэриэхтэрэ. Уопсай ылан эттэххэ, билигин 10 тыһыынчаттан тахса тиэхиньикэни ылыллыбыта. Өссө бу сыл устата 7 тыһыынча тиэхиньикэни күүтэбит. 30 тыһыынча оборудование эрэгийиэннэринэн тарҕатылынна. “Север” диэн анал икки бөртөлүөт, мана таһынан өссө түөрт бөртөлүөт оҥоһуллан бүтэн эрэллэр. Сотору кэминэн дьуһуурустубаҕа тахсыахтара. Иккиттэн биир бөртөлүөтэ ыам ыйыгар Саха сиригэр тиийиэҕэ. Манна кини бастайааннай миэстэтигэр туран сайынын дьуһуурустубаҕа тахсыаҕа, – диэн иһитиннэрэр Александр Александрович.

Бу Ми-8МТВ-1 бөртөлүөттэр  Авиалесоохранаҕа анаан-минээн оҥоһуллубуттар. Бөртөлүөт уу кутар емкоһы таһарга анаан туттарыктаах уонна ыраах көтөрүгэр хос баахтаах. Бөртөлүөт +500 С кыраадыска диэри итиини тулуйар. 22 баһаарынай десантниктары илдьэ барыан сөп.

Аграфена КУЗЬМИНА

ТАР5АТ: