Аллараа Бэстээхтэн Иркутскайга диэри тимир суолунан айаннааччылар ахсааннара элбээн, бу хайысханан «Саха сирин тимир суоллара» АХ эбии плацкартнай богуону сырытыннарыаҕа. Эбии богуоннар (беспересадочный) номнуо сарсыҥҥыттан 327 нүөмэрдээх пуойаһынан айанныахтара.
«Аллараа Бэстээх — Тында» хайысхатынан 327 нүөмэрдээх пуойас сарсын, муус устар 1 күнүгэр, олохтоох бириэмэнэн 17.00 чааска айаҥҥа турунуоҕа.
Аллараа Бэстээхтэн Иркутскайга диэри плацкартнай богуоҥҥа айан төлөбүрэ 5660 солкуобай. Оттон Дьокуускайтан тимир суол станциятыгар диэри 500 солкуобай.
Билиэттэри www.rzd.ru уонна ozon.travel.ru, tutu.ru, travel.yandex.ru, onetwotrip.ru, ufs-online.ru, biletix.ru, pzd-online.ru, movista.ru, poezda.biletyplys.ru, rutrip.ru уонна да атын сайтартан итиэннэ Алдан, Томмот, Аллараа Бэстээх станцияларыттан уонна Дьокуускай куоракка Ленин проспегын 24 (Отель «Азимут») атыылаһыахха сөп.
edersaas.ru
Хаартыска https://rw-y.ru/info/presscenter/news/9047.html