Кинээскэ анаан уонна кини Золотой Орда киинигэр айанын 800 сылынан, Алма-Атаҕа Александр Невскэйгэ пааматынньык туруорары былаанныыллар. Бу туһунан Россия байыаннай-историческай уопсастыбатын сайтыгар таҕыста.
«Кинээс буойун курдук буолбакка, бэйэтин олоҕун толук уурар дипломат — өстөөхтөртөн сирин-дойдутун харыстыыр салайааччы быһыытынан көстүөҕэ», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
Бу Александр Невскэйгэ аналлаах Орто Азияҕа бастакы пааматынньык буолара бэлиэтэнэр. Аһыллыыта 2021 сыл сэтинньитигэр былааннанар.