Алмааһы  хостооччулар уонна учуонайдар Хотугу сир норуоттарын ытык сирдэрин тоҕо чинчийэллэрий?

Кэнники сылларга Арктика тэтимнээхтик сайдыыта  Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын  олохторун үгэс буолбут укулаатын уонна култуураҕа нэһилиэстибэтин харыстабылын ордук суолталаах оҥорор.

Итинник үлэ холобурун  үгүс сылларга  АЛРОСА көрдөрөр. Ол курдук,  өрөспүүбүлүкэ  алмааһы хостооччута Саха сирин Арктикатын улуустарыгар ыйааһыннаах  өйөбүлү оҥорор, олохтоох уопсастыбалары кытары үлэлиир, айылҕаны харыстыыр уонна култуура бырайыактарын, көҕүлээһиннэрин олоххо киллэрэр. Бу үлэҕэ хампаанньа Саха сирин учуонайдарын эмиэ кытыннарар.

Арктика — аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар уруккуттан олохсуйбут эрэ буолбакка, күн бүгүҥҥэ диэри  олохтоохтук олорор  дьиэлэрэ. Манна кинилэр айылҕаны кытары биир ситиминэн   хас эмиэ уонунан сыллар устата олороллор. АЛРОСА 2023 сыллаахха хампаанньа  алмааһы хостуур сиригэр-уотугар олорор Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын ытык  сирдэрин  докумуоннааһыҥҥа тустаах  өҥөнү оҥорорго  Гуманитарнай чинчийиилэр уонна РН СС Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кыһалҕаларыгар институты кытары дуогабар түһэрсибитэ.

АЛРОСА экологтара учуонайдарга туруорбут соруктара – аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар ытык сирдэрин култуурунай нэһилиэстибэ быһыытынан докумуоннааһын: кыраныыссалары быһаарыы, ландшафтнай сиһилии ойуулаан суруйуу, карталары оҥоруу.

Учуонайдар кэккэ хотугу улуустарга аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар ытык сирдэрин сиһилии ойуулаан суруйарга  ылыстылар. Оннук сирдэринэн  сиэр-туом быһыытынан ыытыллыбыт  көмүүлэр уонна төрүттэрин көмпүт сирдэрэ, айылҕа эбийиэктэрэ (хайалар, уҥуордуур сирдэр, өрүстэр, күөллэр, булгунньахтар, мастар) – устуоруйа-култуура суолталаах эбийиэктэр  буолуохтарын сөп.

Чинчийиилэр түмүктэрэ инникитин баайдаах сири туһанааччылар хотугу сир оройуоннарыгар бырамыысыланнас үлэтин ыытар былааннарын сөпкө оҥороллоругар көмөлөһүөҕэ.

Бастакы түмүктэр

АЛРОСА-ны кытары дуогабар олоххо хайдах киллэриллэрин туһунан биһиэхэ устуоруйа наукатын хандьытаата, Гуманитарнай чинчийиилэр уонна РН СС Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кыһалҕаларын институтун (ИГИиПМНС)  дириэктэрэ Сардаана Боякова кэпсээтэ.

 «Арассыыйа Федерациятын норуоттарын култуурунай  нэһилиэстибэтин  эбийиэктэрин туһунан федеральнай сокуон баар. Ол сокуон быһыытынан,  тугу да ыллыҥ да тутан барыллыбат, тутууну саҕалыаҥ иннинэ кэккэ эспэртиисэни оҥоруохха наада. Холобур, үлэни ыытыах иннинэ археологтартан бу сиргэ култуура нэһилиэстибэтин сирэ-уота суоҕун бигэргэтэр түмүгү ылыахха наада. Ол гынан баран, биир кыһалҕанан сокуон материальнай эбийиэктэри: дьиэлэри, пааматынньыктары сабаҕалыыра буолар, оттон аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарга оннук суох этэ. Ол эрэн, олорор сирдэрин историческай миэстэлэрэ барыта, ол иһигэр тустаах ытык сирдэр,  кинилэр гиэннэрэ. Чуолаан биһиги АЛРОСА-лыын үлэбит итинник сирдэри  чинчийэргэ уонна карта оҥорорго  хайысхаланар”, — диэтэ Сардаана Боякова.

Дуогабар чэрчитинэн институт исписэлиистэрэ ааспыт сыл күһүнүттэн аҕыйах ахсааннаах норуоттар  ытык сирдэрин докумуоннааһыҥҥа үлэни ыыталлар. Сардаана Ильинична иһитиннэрбитинэн, былырыын уонна быйыл  Мииринэй улууһун Садын уонна Ботуобуйа нэһилиэктэригэр устуоруйа-этнография эспэдииссийэлэрэ ыытылыннылар.

Оттон Өлөөн улууһугар институт үлэһиттэрэ Өлөөн кыраайы үөрэтэр мусуойун пуондатын матырыйаалларын чинчийиигэ элбэхтик үлэлээтилэр, археология хаһыыларын кэмигэр булуллубут 600-чэ биридимиэти сиһилии ырытан суруйдулар (атрибутирование). Исписэлиистэр бу мал-сал ханна булуллубутун быһаардылар уонна бэлиэтээһиннэри оҥордулар. Ону таһынан  бу миэстэлэр ытык сир буолалларын бигэргэтэр кырдьаҕастар кэпсээбит араас үһүйээннэрин уонна былыргы сэһэннэрин  уһуллулар.

Билигин исписэлиистэр  сайыҥҥы хонуу үлэлэригэр бэлэмнэнэллэр, Өлөөҥҥө, Таас Үрэххэ уонна Сүлдьүкээргэ барыахтаахтар. Манна ытык сирдэр кыраныыссаларын быһаарар картографированиены, эбийиэктэр паспордарын  салгыы оҥоруохтаахтар.

«АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн биһиги урут ким да оҥорботох үлэтигэр ылсар кыахтанныбыт. Инникитин өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар үлэлииргэ эрэллээхпит. Бу улуустарга үлэни толору, сиһилии ыытыахтаахпыт  — манна ытык миэстэлэргэ бигэтик киирэр кыахтаах хас да уонунан сир баар. Итинник сирдэр бары судаарыстыба харысхалыгар киириэхтээхтэр”, — диэтэ институт дириэктэрэ.

Сардаана Ильинична эппитинэн, бу үлэ суолтата Хотугу норуоттар  дьоһун суолталаах култуураларын, абыычайдарын, нэһилиэстибэлэрин, этническэй өйдөбүллэрин  харыстааһыҥҥа сытар. Маны барытын Арктиканы бырамыыслыннай баһылааһын усулуобуйатыгар харыстыыр, көмүскүүр наада.

Хотугу сир уонна Арктика экологиятын харыстабылыгар

 Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ытык сирдэрин үөрэтии – олох үгэс буолбут укулаатын уонна култууратын харыстыырга АЛРОСА ыытар биир кэлим үлэлэриттэн биирдэстэрэ.

Хампаанньа олоххо киллэрбит бырайыактара – “Өбүгэлэр тыллара” Хотугу сир норуоттарын айар үлэлэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл, “Остуоруйалар холуодьастара”  оҕо куонкуруһа (куонкурус түмүгүнэн нуучча, саха уонна эбэҥки тылынан  мультфильмнар хомуурунньуктара уонна сериялара тахсыбыта), Хотугу сир норуоттарын үгэс буолбут ускуустубатын “Айар-уус”  киэҥ хабааннаах быыстапка-дьаарбаҥката.  АЛРОСА 2021 сыллаахха        “Кындыкаан” этно-култуурунай бырайыагы өйөөбүтэ. АЛРОСА үгүс сыллар усталарыгар Хотугу сир норуоттарын үгэс буолбут хаһаайыстыбатыгар улахан оруолу ылар хотугу табаны харыстыыр бырайыактары олоххо киллэрэр.

Бу үлэни киэҥ хабаанныырга уонна тиһиктииргэ былырыын АЛРОСА өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары үс өрүттээх сөбүлэһии түһэрсибитэ. Өрүттэр Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын тылларын, култуураҕа нэһилиэстибэлэрин уонна  этно-култуураҕа үгэстэрин харыстааһын салаатыгар хардарыта барыстаахтык күүскэ үлэлииргэ сүбэлэспиттэрэ.

Андрей Шилов суруйуутуттан тылбаас

Хаартыскалар: АЛРОСА уонна ИГИиПМНС пресс-сулууспалара

ТАР5АТ: