АЛРОСА хампаанньа кыһыл кинигэҕэ киирбит алтан харах хааһы чинчийэргэ үс мөл. кэриҥэ үбү көрдө

Кыһыл кинигэҕэ киирбит алтан харах хааһы чинчийэргэ АЛРОСА хампаанньа үс мөл. кэриҥэ үбү көрдө. Бу туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сүрүн уйуланар сирдэрэ Верхне-Мунскайтан чугас баара бэлиэтэнэр. АЛРОСА экологическай киинэ уонна Дьокуускайдааҕы Криолитозона биологическай кыһалҕаларын үөрэтэр Института дуогабар чэрчитинэн Мууна үрэххэ үлэлээбиттэр.

Орнитолог учуонайдар хаастар көтөр, уйаланар сирдэрин билээри 10 Druid GSM-передатчиктарын кэтэрпиттэр.

«Экспедиция түмүгүнэн, инники чинчийиилэри кытта тэҥнээтэххэ көтөр ахсаана уларыйбатах. Мууна үрэх 140 килэмиэтир устатын тухары учуонайдар түөртэн сэттэҕэ диэри ахсааннаах алтан харах хаас алта ууһун бэлиэтээбиттэр», — бу туһунан иһитиннэриигэ этиллэр.

Үрэх этиллибит кэрчигэр хаас элбэҕин учуонайдар бэлиэтииллэр. Инникитин өссө даҕаны сиһилии чинчийии ирдэнэр.

«Маны тэҥэ, АЛРОСА тулалыыр эйгэҕэ куһаҕан дьайыыта бэлиэтэммэтэх. Бу маны Мууна үрэххэ Кыһыл кинигэҕэ киирбит хаастар бааллара бигэргэтэр», — бу туһунан иһитиннэриигэ этиллэр.