Бүгүн, арай, бассаапка биир бөлөҕү арыйа баттаабытым, ньээм-ньээм араҕас сибэккилэрэ көстөллөр. Өйдөөн көрбүтүм, ойуурга сылдьар дьон таҥаһа күһүҥҥүлүү халыҥ. Бүгүҥҥү хаартыска буоларын сэрэйээт, чахчытын билээри тута хаартыска ааптарыгар төлөпүөннээтим.
— Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт эбээлэр уонча буолан сарсыарда аайы чугастааҕы ойуурга чаас курдук салгын сиэн, сэрээккэлээн, хааман кэлэр үгэстээхпит. Үлэ-үөрэх саҕаланан, билигин хаамыыга сылдьааччылар төһө да аҕыйаатарбыт, син биир ойуурга баран салгын сиэн кэллэхпитинэ санаабыт көнньүөрэр. Үнүр бара сылдьан маҥан сибэкки тыллыбытын көрбүппүт, төлөпүммүтүн илдьэ барбатах буолан хаартыскаҕа түһэрбэккэ хаалбыппыт. Онон кэлин төлөпүөммүтүн укта сылдьар буоллубут.
Ити хаартыскалары бүгүн сарсыарда Солооһунтан тахсаат түһэрдим, балачча элбэх үүммүт. Күнүс өссө үчүгэйдик көстүөх эбит.
Өссө хаһан даҕаны харахтаан көрбөтөх, балачча уһун тумсулаах, уһун атахтаах чыычааҕы көрдүбүт. Хаартыскаҕа түһэрээри чугаһаатахпытына көтөн хаалар, маннааҕы чыычаахтартан ураты көстүүлээх. Баҕар, чугастан көрдөхпүтүнэ билиэх этибит да, таба туттарбата.
Бүгүн манна сааскылыы күн чаҕылыччы тыгар. Бэҕэһээ санаа курдук хардаабыта да, барыта уулуннаҕа.
Урукку сылларга алтынньыга ньээм-ньээм (одуванчик) сибэккитэ тыллыбытын, от көҕөрбүтүн көрө иликпин. Уопсайынан, ураты күһүн буолла. Арай, сэбиэскэй кэм саҕана биир дьыл сэтинньи 4 күнүгэр ардах түспүттээх, — диэн хаартыска ааптара, Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгин, Даппарай сэлиэнньэтин олохтооҕо Клара Корнилова санаатын үллэстэр.
Онтон бу көрөр тэллэйи, араҕас сибэккини, сааскылыы күннээх көстүүнү эмиэ Өлүөхүмэ улууһун I Абаҕа сэлиэнньэтин олохтоохторо Раиса Егоровна Осипова, Мария Владимировна Егорова бүгүн мырааҥҥа хаалыктаах хаамыы кэмигэр түһэрбиттэр.
Манна даҕатан эттэххэ, аҕыйах хонуктааҕыта эмиэ Өлүөхүмэ атын нэһилиэгэр ньээм-ньээм сибэккитэ тыллыбытын видеоҕа устан ыыппыттара тарҕаммыта. Төһө даҕаны сылаас улууһунан ааттаннар, алтынньыга от көҕөрбүтүн, сибэкки тыллыбытын истэ, көрө илигим.