«Анаабыр Алмаастара» тэрилтэ сабыллар эбэтэр атын сиргэ көһөр диэн сурах төһө оруннааҕый? Бүгүҥҥү биэриигэ «Анаабыр Алмаастара» хампаанньа үлэтин туһунан араас иһитиннэриини ырыттыбыт. Тэрилтэ салайааччытын этиитин иһиттибит. Бырамыысыланнай хампаанньаны кытта өр сылларга бииргэ үлэлэһэр Анаабыр улууһун баһылыгын санаатын иһиттибит.
Иккис түһүмэххэ сылгы кыстыгын туһунан кэпсэттибит. Сылгыһыттар түмүктэрин сырдаттыбыт.