Anatoly Burnashev — Текст песни Уол оҕото

Чугас эркин көстүбэккин

Күлүк курдук сылдьаҕын

Хайа сиргэ, хара буорга

Тиҥилэхтээн эрдэҕин…

 

х/ы

Уол оҕото а5ыс кырыылаах

Ахсым айан аргыстаах

Уол оҕото а5ыс кырыылаах

Ахсым айан аргыстаах

Айаннааах, алыптаах, айгылаах…

 

Ыйыталлар ыллыктарым

Сураһаллар суолларым

Туйах тыаһын иһиллииллэр

Ыалдьыттаабыт ыырдарын

 

 

Кырдьа барбыт, түспэтийбит

Киһи сиэрин тутуһан

«Тохтуу түһүй» диэтэхпинэ

Иэдэс биэрэн кэбиһэр

 

 

Ханнык эккин хайа тутуой

Көҥүл күөннээх санааны?

Хайа харгыс атахтыаҕай

Айан куттаах саханы?

 

ТАР5АТ: