«Арассыыйа» быыстапкаҕа «Российская Арктика: путь в будущее» сиэссийэ буолла

Ыам ыйын 24 күнүгэр Норуоттар икки ардыларынааҕы «Арассыыйа» пуорум-быыстапкаҕа эрэгийиэн сайдыытын күннэригэр анаммыт «Пространство будущего: Дальневосточный и Арктический макрорегион» дьыалабыай бырагыраама чэрчитинэн, «Российская Арктика: путь в будущее» диэн пленарнай сиэссийэ ыытылынна.

Былаас уонна биисинэс бэрэстэбиитэллэрэ, эрэгийиэннэр баһылыктара, научнай үлэһиттэр, уопсастыбаннай тэррилтэлэр чилиэттэрэ Арктическай зона тирэх куораттарын сайдыытыгар сыһыаннаах тустаах боппуруостары кэпсэттилэр.

Уһук Илин  уонна Арктика сайдыытын миниистирэ Алексей Чекунков  бэлиэтииринэн, Арктика диэн  дьон, уустук усулуобуйаҕа ураты технологическай инвестиционнай бырайыактары оҥорор дьон буолаллар. Балар ситиһиилээхтик олоххо киирэллэригэр РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьаһалынан саҥа маастар-былааннар оҥоһуллаллар. Стратегическай докумуон от ыйын 1 күнүгэр диэри оҥоһуллуохтаах. Хоту сиргэ олох технологиятын уонна үлэни сүрүннүүр аан дойду лидера буолуохтаахпыт диэн этэр.

Саха сиригэр «Тикси-Найба» диэн маастар-былаан оҥоһуллубута. Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, агломерация сайдыыта сүрүн бырамыысыланнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ көмөлөһүөҕэ.  Оттон сүрүн болҕомто олохтоохтор олохторун хаачыстыбатын тупсарарга туһуланыаҕа.

Маастар-былаан сүрүн бырайыагынан, Булун оройуонун Найба бөһүөлэгэр  порт тутуута буолар. Ону сэргэ, дьиэлэр, социальнай инфраструктура хапытаалынай өрөмүөннэрэ, уопсастыбаннай эйгэҕэ тупсарыы үлэтэ, ВОЛС тутуута, суол оҥоһуллуута ыытыллыахтаах.

«Арассыыйа» быыстапка-пуорум дойду улахан ситиһиитэ буолар.  Быыстапка ыытылларын устата ыалдьыттарга анаан култуурунай бырагыраама, дьыалабыай үөрэтэр үлэ ыытыллыаҕа.  Быыстапкаҕа 89 эрэгийиэн экспозицията турда. Быыстапканы номнуо 14 мөл. киһи көрдө.

ТАР5АТ: