Арктика киинэ бэстибээлин чэрчитинэн документальнай киинэлэри көрдөрүөхтэрэ

«Золотой ворон» киинэ бэстибээлин чэрчитинэн Дьокуускай библиотекаларыгар тэттик кээмэйдээх документальнай киинэлэри көрдөрүөхтэрэ. Бу туһунан SMART-библиотека 2.0.3 пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Биһиги библиотекаларбытыгар бастакытын Арктика киинэ бэстибээлэ ыытыллар, онно аан дойду араас дойдуларын сэдэх киинэлэрин кытта билсиэххэ сөп», — диэтэ Дьокуускайдааҕы кииннэммит библиотека ситимин дириэктэрин солбуйааччыта Лада Кириллина.

Тэрээһиҥҥэ ааҕааччы билиэтинэн киириэххэ сөп, эбии QR-код уонна мааска ирдэнэр.

Киинэлэри Мординов аатынан уулусса 21/1-с №-дээх дьиэтигэр баар «Созвездие», Ларионов аатынан уулусса 12А №-дээх дьиэтигэр турар «Смарт», Сэргэлээх айан суолун 12-с килэмиэтирин 14а №-дээх дьиэ бастакы тутуутугар баар «Бэс чагда» библиотекаларга көрүөххэ сөп.

«Золотой ворон» Арктика бэстибээлэ — аан дойду киинэ оҥорооччуларын түмэр биир улахан тэрээһин.