Атырдьах ыйын 29 күнүгэр, режиссер Владимир Мункуев «Нуучча» киинэтэ аан дойдуга сүрэхтэниэҕэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай библиотека пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Киинэ сюжета Польша суруйааччыта уонна этнограф Вацлав Серошевскай айымньыларыгар олоҕурда.
XIX-с үйэ бүтүүтүнээҕи Дьокуускай уобалаһа көстөр.
Киинэҕэ, иккис оҕолорун кистээн баран Саха сирин тыйыс айылҕатыгар уонна томороон тымныытыгар тыыннаах хаалаары салгыы туруулаһар Хабдьыйа уонна Кэрэмэс тустарынан кэпсэнэр.
Биирдэ олохтоох кинээс кинилэри кытта сокуон быһыытынан олоруохтаах Костя диэн нууччаныны аҕалар. Уопсай тылы булуу хара маҥнайгыттан табыллыбат, бу киһи бэйэтэ дьиэ хаһаайына буоларга сананар.
Киинэ сүрэхтэниитин көрсө Национальнай библиотека Вацлав Серошевскай «Хайлак» айымньытын кытта билсэргэ ыҥырар.