Судаарыстыбаннай автоиниспиэксийэлэр уонна автооскуолалар бииргэ үлэлэһиилэрин саҥа бэрээдэгэ 2022 сыл кулун тутар 1 күнүттэн киириэҕэ. Мантан ыла автооскуолалар Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай иниспиэксийэтигэр (ГИБДД) үөрэнээччилэрин испииһэгин ыытыахтара. Ити туһунан ТАСС суруйар.
“Бирикээс 2022 сыл кулун тутар 1 күнүттэн олоххо киирэр уонна 2028 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ”, — диэн докумуоҥҥа суруллар.
Автооскуолалар судаарыстыбаннай иниспиэксийэ (ГИБДД) эксээммэнниир салаатыгар массыынаны ыытыы быраактыката саҕаланыа 10 күн иннинэ буочтанан уонна судаарыстыбаннай өҥө порталын “тус кэбиниэтинэн” үөрэнээччилэр испииһэктэрин ыытыахтара. Дуоһунастаах дьон докумуону тутан баран массыына ыытарга үөрэнэр дьон ортотугар бырааба быһыллыбыт эбэтэр массыынаны ыыталлара мэдиссиинэ көрүүтүнэн көҥүллэммэт дьон баалларын дуу, суохтарын дуу бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Ону таһынан, мэдиссиинэ ыспыраапкатын биэрбит тэрилтэ туһунан сибидиэнньэни бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Массыына ыытарга үөрэнэллэрэ көҥүллэммэт түгэнигэр, автооскуолаҕа үс күн иһигэр иһитиннэриэхтэрэ. Сиһилии манна ааҕыҥ.
Хаартыска: tex-exp.ru