«Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары көрсө Саха сирин былааһын уорганнара 30 саҥа оптуобуһу ыллылар. Бу тырааныспардар салгыы куорат устун уонна муниципалитеттар икки ардыларынан айанныахтара. Бүгүн, бэс ыйын 3 күнүгэр, Дьокуускайга Комсомольскай болуоссакка үөрүүлээх быһыыга-майгыга саҥа тиэхиньикэлэр күлүүстэрин туттардылар.
Ол курдук, эрэгийиэҥҥэ Volgabus уон оптуобуһу, ЛИАЗ 15 оптуобуһу уонна Higer диэн алта туристары таһар оптуобуһу аҕаллылар. Саҥа тырааныспардар бары кондиционердаахтар, эбии ититэр систиэмэлээхтэр, Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэһэр гына оҥоһуулаахтар. Бу оптуобустар «ВЭБ.РФ» уонна «Сбер-Лизинг» өйөбүллэринэн льготалаах лиизининэн ылыныллыбыттар.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков бэлиэтээбитинэн, саҥа тиэхиньикэлэр өрөспүүбүлүкэ тарнспортнай тиһигин хааччыйыы бырагырааматынан ылыныллыбыттар. Бу туһунан сөбүлэһиигэ Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан илии баттаммыта.
«Аныгы тырааныспарынан хааччыллан, саҥа солуоҥҥа киирэн, өрөспүүбүлүкэ, федеральнай уорганнар, үп институттара быра бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан үлэлииллэриттэн киһи киэн туттар», — диэн Кирилл Бычков этэр.
Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев этэринэн, бэс ыйын 10 күнүгэр диэри өссө тоҕус Volgabus оптуобус кэлэрэ күүтүллэр. Бу оптуобустары «Союз-Авто» лииньийэтинэн чааһынай урбаанньыттар сүүрдүөхтэрэ. Маастар-былаанынан уонна дойду бэрэсидьиэнин сорудаҕынан, уопсастыбаннай тырааныспар барыта саҥардыллыахтааҕын мээр иһитиннэрдэ.