Бүгүн, ыам ыйын 24 күнүттэн, сарсыарда 8:00 чаастан Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан паромнар сырыылара саҕаланна.
Бу күн барыта 8 паром үлэлиэҕэ, ол иһигэр «Ассоциация АЯМ» ХЭУо икки парома тахсыаҕа. Кэлин паром ахсаана 13-кэ диэри улаатыаҕа. Бастакы үс күн паромнар тырааныспар туолуутун көрөн үлэлиэхтэрэ, оттон бигэргэммит араспысаанньанан ыам ыйын 27 күнүттэн толору кыраапыкка тахсаллара былааннанар.
Саха сиринээҕи Судаарыстыбаннай сыана бэлиитикэтин кэмитиэтин ыам ыйын 23 күнүнээҕи бирикээһинэн, Өлүөнэ өрүһүнэн тырааныспары паромунан туоратыыга Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан тарыыптары бигэргэттэ. Бу туһунан кэмитиэт пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Былырыын тарыып чэпчэки уйуктаах массыыналарга эрэ үрдээбит буоллаҕына, быйыл сыананы үрдэтии таһаҕаһы тиэйэр ыарахан уйуктаах тиэхиньикэни эмиэ таарыйда.
Быйыл сайын паромунан таһыыга маннык тарыыптар бигэргэннилэр:
1,5 туоннаҕа диэри — 950 солк. (650 солк. этэ);
1,5 туоннаттан 2,0 туоннаҕа диэри — 1150 солк. (950 солк. этэ);
2,0 туоннаттан 2,3 туоннаҕа диэри — 1350 солк. (1100 солк. этэ);
2,3 туоннаттан тахса — 1600 солк. (1400 солк. этэ).