Бүгүн ханна хаардыырый, ханна тыалырарый? — Саха сирэ

Бүгүн балачча хаардыа диэн синоптиктар иһитиннэрбиттэрин СИА суруйар.

Ол курдук, бэнидиэнньиккэ Дьокуускай куоракка уонна хас да улууска хаардыа, сорох сирдэргэ балачча түһүө диэн Дьокуускайдааҕы гидромет сулууспа иһитиннжэрбит.

Бүгүн Бүлүүгэ, Үөһээ БҮлүүгэ, Ньурбаҕа, Кэбээйигэ, Горнайга, Намҥа, Хаҥаласка, Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа, Нерюнгригэ уонна Дьокуускай тулатыгар хаардыыр. Атын сирдэргэ хаар кыратык түһэрэ күүтүллэр. Анаабыр, Булуҥ оройуоннарыгар 18–23 м тиийэ тыалырыа диэн суруллар.  Киин оройуоннарга күнүс -4… +1 кыраадыс, соҕуруулуу-арҕаа — 0… +5, хотугулуу-илин -5… -10 диэри тымныйар.  Дьокуускайга 0…
Итинник, бүгүҥҥү күн-дьыл туруга.

СИА.

Хаартыска: gorsite.ru

ТАР5АТ: