Бүгүн кыралаан ардыаҕа, сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһүөҕэ

Саха сиригэр өрөбүл күн кыралаан ардыаҕа, сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһүөҕэ диэн синоптиктар сылыктыыллар.

Бүгүн, бэс ыйын 2 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэҕэ соҕуруулуу-илин, арҕаа, хотугулуу-арҕаа ардыыр,  соҕуруу уонна илин сорох сиринэн кыралаан ардах түһэр. Ленскайга, Мииринэйгэ, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Өлүөхүмэҕэ сорох сиринэн этиҥнээх ардах түһэрэ билгэлэнэр.

Хотугулуу-арҕааттан, Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан уонна этиҥнээх ардах түстэҕинэ сөкүүндэҕэ 15-18 м/с  тиийэ түргэннээх тыал түһүөҕэ.

Салгын температурара түүн +4+9°С, арҕаа ардах түстэҕинэ +10+15°С, Арктика кытылынан, илин уонна Халымаҕа +1+6°С, в Өймөкөөҥҥө -4+1°С. Күнүс салгын температурата +18+23°С, Бүлүүгэ уонна Өлүөхүмэҕэ +23+28°С, хотугулуу-арҕаа, Халымаҕа, Өймөкөөҥҥө +13+18°С, Арктика кытылынан +5+10°С кыраадыс сылаас.

Дьокуускайга сөҥүүтэ суох, соҕуруулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 3-8 м/с түргэннээх тыаллаах. Салгын температурата түүн +9+11°С, күнүс +21+23°С кыраадыс.