Балаҕан ыйын 20 күнүгэр СӨ киин куоратыгар Донецкай уонна Луганскай олохтоохторугар көмө кэнсиэрэ буолуоҕа. Бу туһунан СӨ култуура министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Сахаайа, Аскалон Павлов, Варя Аманатова, Чыскыырай, Василена Шарина, «Виртуозы Якутии», «Туймаада» вокальнай ансаамбыл, А.Е. Кулаковскай аатынан НДДЬ айар бөлөҕө кыттыахтара.
«Киирбит үп ДНР уонна ЛНР олохтоохторугар ыытыллыаҕа». Бу туһунан иһитиннэриигэ этиллэр.
А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр киэһээ 18.30 ч буолуоҕа. Киирии билиэт сыаната — 500 солк.