Балаҕан ыйын бүтүүтэ Ньурба оройуонугар саҥа тыйаатыр арыллыаҕа — НВК Саха

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр «Култуура» национальнай бырайыагынан Ньурбаҕа саҥа тыйаатыр арыллыаҕа. Бу туһунан СӨ култуура министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Икки этээстээх эбийиэк иэнэ 2900 квадратнай миэтирэҕэ тэҥнэһэр, сүрүн саалата 250 миэстэлээх, кыра уонна репетиция саалалаах, атын элбэх хостоох.

Тыйаатыры СӨ Култууратын уонна духуобунас сайдытын миниистирин бастакы солбуйааччыта Владислав Левочкин көрдө.

«Бу тыйаатыр тутуллуута Ньурба оройуонугар эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ үөрүүлээх сонун буолар. Билигин тыйаатырга уот тэриллэрин таҥаллар, сыанатын оҥороллор, тыйаатыр территориятын тупсараллар. Балаҕан ыйын 7 күнүгэр тыйаатыр аллеята ууруллубута», — диэтэ кини.

Саха өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннаһын күнүгэр, балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев тыйаатыр арыллыытыгар кыттара былааннанар.