Дойдубут Аҕа баһылыга Владимир Путин ыам ыйыгар Кытай кэнниттэн Белоруссияҕа уонна Узбекистаҥҥа командировкаҕа баран кэллэ. Бэрэсидьиэн быыбарын кэнниттэн тас дойдуларга командировкатын ыаллыы сытар дойдуларыттан саҕалаабыт буоллаҕына, үсүһүнэн Узбекистаны талбыта, биир өттүнэн, соһуччу.
Белоруссияҕа
Узбекистан туһунан суруйуом иннинэ, Владимир Путин Минскэй куоракка Белоруссия бэрэсидьиэнэ Александр Лукашенконы кытары көрсүһүүтүн кылгастык этэн аһарыым. Биһиги дойдубут Белоруссияны кытары биир сойуустаах аҕас-балыс дойдулар буолалларынан, ылса-бэрсэ олорорбут да үгүс, араас бырайыакка бииргэ үлэлэһэрбит да элбэх. Владимир Владимирович Александр Григорьевичтыын куруутун билсэ-көрсө олорор. Бу сырыыга икки дойду лиидэрдэрэ тугу кэпсэттилэрий?
Киин бэчээттэн көрдөххө, бу иннинээҕи көрсүһүүлэригэр үксүн дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыы, байыаннай, оборуона боппуруостарын көтөхпүт буоллахтарына, билигин экэниэмикэҕэ болҕомтолорун уурдулар. Бастатан туран, энэргиэтикэ, бырамыысыланнас, тырааныспар, суол-иис сайдыытын туһунан кэпсэттилэр. Белоруссияҕа билигин икки аҥаар тыһыынчаттан тахса Арассыыйа хампаанньата үлэлии сылдьар. Былырыыҥҥы сыл түмүгүнэн, табаарынан эргинии 45 миллиард дуолларга тэҥнэспит.
Энэргиэтикэ туһунан эттэххэ, Белоруссия, биир сойуустаах дойду буоларынан, Арассыыйаттан ньиэби, гааһы ураты усулуобуйаҕа тардынан олорор. Билигин өссө атомнай ыстаансыйа үлэҕэ киирэн, энэргиэтикэ чааһыгар Белоруссия быдан сайынна. Мантан салгыы исписэлиистэри бэлэмнээһиҥҥэ, технологияны сайыннарыыга үлэ барыахтаах. Икки дойду бииргэ үлэлэһиигэ эрдэ сөбүлэҥ түһэрсибиттэринэн, микроэлектроникаҕа, тиэхиньикэни оҥорууга бырайыактар киириэхтээхтэр. Манна бырамыысыланнаһы биир ситимҥэ киллэрии барыахтаах. Итини таһынан, сибээс эйгэтигэр уларыйыы киирэн, сотору кэминэн роуминг диэн суох буолуохтаах. Онон икки дойду хардарыта туризм эйгэтин сайыннаралларыгар дьоһун олук буолла. Икки бэрэсидьиэн кэпсэтиилэриттэн сүрүннэрин ыллахха итинник. Салгыы Узбекистаннааҕы көрсүһүүлэри ылыахха.
Узбекистаҥҥа
Владимир Путин Узбекистаҥҥа үс күн сырытта. Узбекистан бэрэсидьиэнин Шавкат Мирзиёевы кытары көрүстэ. Санатан этиим, Шавкат Миромонович дойдуну 2016 сылтан салайар. Ол иннинэн 2003 сылтан премьер-миниистиринэн үлэлээбитэ. Былырыын Төрүт Сокуоннарыгар уларытыыны киллэрэннэр, бэрэсидьиэн быыбара ыытыллыбыта. Онон Шавкат Миромонович үһүс төгүлүн бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта. Бу икки күннээх кэпсэтиилэр түмүктэринэн Арассыыйа уонна Узбекистан 27 докумуоҥҥа илии баттастылар. Ол иһигэр уопсай иһитиннэрии таһаардылар.
Арассыыйа Узбекистаны кытары энэргиэтикэҕэ, тыа хаһаайыстыбатыгар, бырамыысыланнаска, үөрэххэ, о. д.а. эйгэлэргэ барыта 200‑тэн тахса улахан бырайыакка үлэлэһэ олорор. Кэлэр сылларга дойдулар табаарынан эргиниилэрэ сылга 30 миллиард дуолларга тэҥнэһиэхтээх. Онуоха икки дойду атыыны-тутууну ыытыыга, инвестицияны хардарыта киллэриигэ үлэни өссө хаҥатарга эттилэр.
Владимир Путин кэпсэтии кэмигэр, Арассыыйа уонна Узбекистан табаары эргиниилэрэ 10 миллиард солкуобайга тэҥнэспитин бэлиэтээн туран, икки дойду үлэлэрин хайысхатын сылтан сыл кэҥэтэ туралларын эттэ.
— Ааспыт сыл түмүгүнэн биһиги дойдуларбыт табаарынан эргиниилэрэ 10 миллиард дуолларга тэҥнэстэ. Биллэн турар, бу манан эрэ муҥурданар санаабыт суох. Өскөтүн былааннаммыт бырайыактарбытын, бырагыраамаларбытын олоххо киллэрдэхпитинэ, бу суума хас эмэ төгүлүнэн үрдүөҕэ. Билиҥҥи туругунан да ыллахха, холобур, бу сыл бастакы кыбаарталынан, сүүрбэ бырыһыан үрдээтэ, — диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.
Биир сүрүн боппуруоһунан тырааныспар, суол-иис, таһаҕаһы таһыы сайдыытын кэпсэттилэр. Санатан эттэххэ, былырыын тыа хаһаайыстыбатыгар “Агроэкспресс” диэн бырайыак үлэҕэ киирэн, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан эргинии быдан тупсубута. Табаары эргиниигэ, бастатан туран, икки дойду национальнай валютанан хардарыта төлөһөр кыахтаммыта улахан суолталаах. Бэрэсидьиэн этэринэн, бааннар хардарыта үлэлэһиилэрэ киирэн, билигин солкуобай ылар бырыһыана 58‑ка тиийбит, салгыы өссө улаатар чинчилээх.
Узбекистаҥҥа билигин Арассыыйаттан үс тыһыынчаттан тахса хампаанньа үлэлии сылдьар. Ол иһигэр энэргиэтикэҕэ, химия, ньиэп бырамыысыланнаһыгар, тиэхиньикэни оҥорууга, тыа хаһаайыстыбатыгар, тырааныспарга, о. д.а. эйгэлэргэ “Газпром”, “Лукойл”, “Татнефть”, “Зарубежнефть”, “РусГидро”, “Росатом” курдук Арассыыйа улахан хампаанньалара үлэлииллэр.
— Арассыыйа Узбекистаны углеводороднай оттугунан хааччыйа олорор. Былырыын алтынньыга Узбекистан уонна Казахстан бэрэсидьиэннэрин кытары Казахстанынан Узбекистаҥҥа диэри “Газпром” хампаанньа гааһы тириэрдэр ыллыгын арыйбыппыт. Билигин “Орто Азия — Киин” диэн гаас ситимигэр үлэ бара турар. Бу ситим үлэҕэ киирдэҕинэ, эһиилгиттэн саҕалаан Узбекистаҥҥа тиийэр гаас 11 млрд. куб м тэҥнэһиэҕэ, — диэн иһитиннэрэр Владимир Владимирович.
Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан
Икки дойду лиидэрдэрэ көрсүһүүлэригэр дойдуларга куттал суох буолуутун хааччыйыы өссө күүһүрүөҕүн бэлиэтээтилэр. Онуоха терроризмы, экстремизмы утары охсуһуу бастакы күөҥҥэ турар боппуруос буоларын эттилэр. Узбекистан Казахстаны, Кыргызстаны, Туркменистаны, Таджикистаны уонна Афганистаны кытары ыаллаһа сытар. Онон бу судаарыстыбалар хайдах, туох олороллоро Узбекистаҥҥа эмиэ дьайар. Ол иһин Афганистаҥҥа или, эйэни олохтооһуҥҥа биир ситимнээх үлэни ыытыахтарын иһитиннэрдилэр.
Итини таһынан тас дойдулары кытары сыһыаннаһыыга Украина туһунан кэпсэттилэр. Санатан эттэххэ, быйыл Украина бэрэсидьиэнэ Владимир Зеленскэй болдьоҕо бүтэр. Быыбар быйыл кулун тутарга былааннаммыта да, байыаннай балаһыанньанан буолбатаҕа. Аны туран, Украина сокуонунан, өскөтүн бэрэсидьиэн быыбара ыытыллыбат буоллаҕына бэрэсидьиэн боломуочуйата барыта парламент бэрэссэдээтэлигэр көһөр. Онон билигин, сокуон хараҕынан ыллахха, дьокутааттар эрэ үлэлиир кыахтаахтар.
Узбекистан урукку Сэбиэскэй Сойуус өрөспүүбүлүкэлэриттэн саамай элбэх нэһилиэнньэлээх дойдунан буолар. Билигин манна 37 мөлүйүөнтэн тахса киһи олорор. Сылын аайы Узбекистантан Арассыыйаҕа балтараа мөлүйүөнтэн тахса киһи үлэлии кэлэр. Онон биир сүрүн боппуруоһунан миграннар кыһалҕаларын кэпсэттилэр. Итини таһынан, Арассыыйа уонна Узбекистан Холбоһуктаах Нациялар, Тутулуга суох судаарыстыбалар, Шанхайдааҕы бииргэ үлэлэһии түмсүүлэр, о. д.а. түмсүүлэр былаһааккаларыгар бииргэ куолаан үлэлииллэр. Онон манна эмиэ туспа былаан ылыннылар.
Үөрэх уонна нуучча тыла
Арассыыйаҕа Узбекис-тантан барыта 63 тыһыынча устудьуон үөрэнэ сылдьар. Ол иһигэр Узбекистаҥҥа баар Арассыыйа уон түөрт үрдүкү үөрэҕин кыһаларын филиалларыгар. Бу көрсүһүү кэмигэр өссө эбии Николай Бауман аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай тиэхиньиичэскэй университет филиала аһыллыытын кэпсэттилэр.
Владимир Путин манна нуучча тылын үөрэтии боппуруоһун ойуччу тутан бэлиэтээтэ. “Нуучча тыла — норуоттары ситимниир далаһа буолар. Узбекистаҥҥа тэлэбиидэнньэҕэ да, араадьыйаҕа да нууччалыы ханааллар үлэлии тураллар. Ону сэргэ доруобуйа харыстабылыгар, үөрэххэ нуучча тыла туһаныллар. Ити барыта өрөспүүбүлүкэ салалтатын болҕомтотугар сылдьар. Түгэнинэн туһанан, Узбекистан салалтатыгар махталбын тиэрдэбин”, — диэн эттэ бэрэсидьиэн.
Онон түмүктээн эттэххэ, Владимир Путин Узбекистаҥҥа сырыыта Орто Азия судаарыстыбаларыгар эрэ буолбакка, бүтүн Евразияҕа биир суолталаах көрсүһүүнэн буолла.