Быйыл Горнай улууһун Бэс Күөлэ сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо, норуот маастара Варвара Ефимовна Ефремова 15 сыл устата кылынан үлэтэ түмүллэн «Сиэлтэн ситимнэнэн, кылтан кынаттанан» кинигэ-сурунаал буолан таҕыста.
«Айар үлэм түмүллүбүт кинигэтэ күн сирин көрбүтүттэн олус үөрэбин. Хатыы төрүт ньыматыгар — ньилбэккэ хатыыга олоҕуран сиэлинэн үлэлиибин. Бу эбэбиттэн утумнаабыт дьарыгым буолар. Кинигэ ааптара, кыыһым Изабелла Романова матырыйаалы таҥан бэчээккэ бэлэмнээтэ. Оттон улахан кыыһым Любовь Павлова кинигэ уруһуйун оҥордо. Дьиэ кэргэнинэн «Дьөһөгөй оҕото» диэн сылгы сиэлиттэн тигиллибит биэс көстүүмнээх коллекциялаахпыт: эр киһи сонноро, сэлиэччиктээх көстүүмнэр, дьахтар таҥаһа. Таҥастары кэрэ көстүүлээх гына кыыһым Любовь Павлова сиэлинэн быысапкалыыр. Уолум Яков тигиитигэр, дизайн толкуйдуурга көмөлөһөрө. Бу Икки сыл анараа өттүгэр Атамай нэһилиэгин «Ситим» уопсастыбаннай түмсүүтүн салайааччыта Татьяна Павлова өйөбүлүнэн, СӨ ыччат уонна социальнай коммуникация министиэристибэтэ грант биэрэн, дьиэм таһыгар үлэлиир кыра дьиэбин музей-мастарыскыай оҥостубутум. Онно баҕалаах дьону иис бу көрүҥэр үөрэтэбин, Атамай орто оскуолатын оҕолоро эмиэ дьарыктаналлар», — диэтэ Варвара Ефимовна.
Кинигэ 1500 ахсаанынан «Айар» («Бичик») кинигэ кыһатыгар «иис-уус алыба» серия кэккэтигэр киирэн быйыл бэчээттэнэн тахсыбытын туһунан иһитиннэрдэ, кыһа үлэһиттэригэр махтанарын биллэрдэ. Түгэнинэн туһанан, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа, Ил Дархан Айсен Николаевка ойуур баһаарыттан эмсэҕэлээбит Бэс Күөлүн олохтоохторугар көмөлөрүн, үрдүк таһымнаах үлэлэрин иһин махталын эттэ.
«Билигин нам-нум буолан сиэл хатабын, сууйабын-сотобун,
ыраастыыбын. Сылгы сиэлиттэн айаары-тутаары, саҥа оҥоһуктары оҥорон таһаараары
бэлэмнэнэбин», — диэтэ норуот маастара.