Бүгүн, сайын бастакы күнүгэр күн чаҕылыччы тыкпыт буоллаҕына, санаа өссө көтөҕүллэр, үөрүү икки бүк үрдүүр. Тоҕо диэтэххэ, бэс ыйын 1 күнэ – Оҕо көмүскэлин күнэ.
Бу бырааһынньык хайдах төрүттэммитэй?
Арассыыйаҕа Оҕо көмүскэлин күнүн быһыытынан биллэр эбит буоллаҕына, атын дойдуларга Норуоттар икки ардыларынааҕы оҕо күнүнэн ылыналлар.
Оҕо күнэ былыргы бырааһынньыктартан биирдэстэрэ. Бу бырааһынньыгы бэлиэтиир туһунан быһаарыыны 1925 сыллаахха оҕолор үтүө туруктаах буолууларыгар анаммыт Аан дойдутааҕы кэмпириэнсийэҕэ ылыммыттар.
Тоҕо бэс ыйын 1 күнүгэр бэлиэтииллэрий?
Оҕо күнүн тоҕо бэс ыйын 1 күнүгэр бэлиэтииргэ санаммыттара чопчу ыйыллыбат эрээри, сорох интэриниэт ситимнэргэ сурулларынан, 1925 сыллаахха Сан-Францискоҕа Кытай Генеральнай консула кытай тулаайах оҕолорун хомуталаан ылан баран Дуань-у цзе (драконнар бэстибээллэрин) тэрийбит. Ол тэрээһин бэс ыйын 1 күнүгэр ыытыллыбыт. Ону таһынан Оҕо үтүө туруктаах буолуутугар анаммыт кэмпириэнсийэ эмиэ ити күн сөп түбэспит.
1949 сыллаахха дьахталлар Норуоттар икки ардыларынааҕы демократическай федерацияларын Сэбиэтин сессиятыгар Москваҕа Оҕо көмүскэлин күнүн бэлиэтиир наадатын туһунан биир санааҕа кэлбиттэр.
Саха сиригэр бу биир саамай сырдык, ыраас бырааһынньыгынан буолар. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар оҕолорго аналлаах тэрээһиннэри ыыталлар.