Быйыл Улуу Кыайыы 79 сылын бэлиэтээтибит. Сыл-хонук ааһан, төһө да ыраатан истэр, кыһарҕаннаах түөрт сылы быһа кэтэһиилээх, аан дойдуну фашизм хабалатыттан быыһаабыт Кыайыы килбиэнэ өлбөөдүйбэт. Олох кытаанах ирдэбилинэн, ол өрөгөйдөөх Кыайыыны уһансыбыт, хааннарын, көлөһүннэрин тохпут, үйэ саастаах ытык дьоммут сыллата аҕыйаан да истэллэр, биһиги ортобутугар бааллара, тыыннаах туоһу буолаллара махтал, киэн туттуу, сүгүрүйүү иэйиилэрин саҕар.
Саха сиригэр бүгүҥҥү туругунан, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бэтэрээннэрэ – 13 киһи, тыыл бэтэрээннэрэ, блокадниктар – 2 тыһыынча кэриҥэ киһи, сэрии кэмин оҕолоро – 12 261 киһи олорор. Кыайыы күнүн көрсө кинилэргэ муус устар ыйга 6 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суумалаах төлөбүр төлөннө.
Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев «О ежегодной денежной выплате отдельным категориям граждан к Дню Победы» диэн ыйааҕар олоҕуран, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кыттыылаахтарыгар Кыайыы күнүн көрсө 20 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх биирдэ бэриллэр төлөбүр төлөнөр.
Бу төлөбүр кинилэргэ муус устар ыйга икки биэнсийэлэрин, ыйдааҕы харчынан төлөбүрү (ЕДВ), эбии материальнай хааччыллыыны (ДЕМО) сэргэ, сайабылыанньата суох бэриллибитэ диэн Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр. Кыайыы күнүгэр анал төлөбүр сэрии инбэлииттэригэр, бары кыттыылаахтарыгар – партизаннарга, разведчиктарга, контрразведчиктарга, Ленинграды көмүскээччилэргэ төлөнөр.
Сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар, “Блокаднай Ленинград олохтооҕо” бэлиэлээх дьоҥҥо 10-нуу тыһыынча солкуобай төлөннө. 1941-1945 сылларга өлбүт Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕын, инбэлиитин огдооболоругар – 5-тии тыһыынча солкуобайы биэрдилэр. Маны тэҥэ, тыыл бэтэрээннэригэр уонна сокуоннай саастарын туола иликтэринэ фашистар концлааҕырдарыгар, геттоларыгар хаайыллыбыт дьоҥҥо 5-тии тыһыынча солкуобай бэрилиннэ.
Быйылгыттан сэрии кэмин оҕолоругар сыл аайы Кыайыы күнүгэр харчынан төлөбүр төлөнөр буолла. Ил Дархан 2021 сыл муус устар 16 күнүнээҕи 1799 №-дээх ыйааҕар уларыйыылар киирэн, Аҕа дойду сэриитин кэмигэр төрөөбүт (1927 сыл балаҕан ыйын 3 күнүттэн 1945 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри) оҕолору өйүүр сыалтан, хас сыл ахсын ыам ыйын 9 күнүгэр кинилэргэ анал төлөбүр төлөнүөҕэ.
Сэрии кэмин оҕолоро Саха сиригэр бастайааннай олорор буолуохтаахтар. Төлөбүр кээмэйэ — 3000 солкуобай. Өскөтүн, сэрии кэмин оҕото хас да хайысханан сыллааҕы төлөбүрдэри ылар буоллаҕына, үрдүк кээмэйдээҕин талан, биирин биэрэллэр.
100 саастаах бэтэрээни эҕэрдэлээтилэр
Кыайыы 79 сылын көрсө Бүтүн Арассыыйатааҕы “Тиэргэнинэн ыллыыбыт” аахсыйа чэрчитинэн, сэрии бэтэрээннэрин дьиэлэригэр, олбуордарыгар тиийэн, эҕэрдэлииллэр.
Дьокуускайга 100 сааһын туолбут, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа Наум Слепцову ыччат миниистирэ Петр Шамаев уонна куорат баһылыгын солбуйааччы Наталья Степанова тиийэн эҕэрдэлээтилэр. «Служба 02» ансаамбыл, кадетскай интэринээт-оскуола барабанщиктара, Гагарин аатынан култуура, аныгы ускуустуба киинин үлэһиттэрэ, уо.д.а. Кыайыы туһунан ырыалары бэлэхтээтилэр.
Бэтэрээн вальс дьүрүскэнигэр уйдаран, кыыһын кытта үҥкүүлээн тэйдэ. Кини бэтэрээннэри умнубакка чиэстииллэригэр махтанна.
Наум Трифонович 1924 сыл кулун тутар 8 күнүгэр Таатта Чөркөөҕөр төрөөбүтэ. Кини 64 сыл устата алта улууска учууталынан, саабыһынан, дириэктэринэн үлэлээбитэ, биэс сыл холкуоска бэрэссэдээтэллээбитэ. 1945 сыллаахха фроҥҥа ыҥырыллан, Хайлар кириэппэс-куораты ылыыга кыттыбыта. “Туйгун бүлүмүөччүк” бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
96 сааһыгар дуобакка успуорт маастарыгар хандьыдаат буолбута. Саахымакка бастакы разрядтаах, РСФСР успуордун бэтэрээнэ буолар. Кинини саахымакка учуутала Тихон Таппыров үөрэппит. Оттон Таппыров Былатыан Ойуунускайтан үөрэммит. Ойуунускайы саахымакка Өксөкүлээх Өлөксөй үөрэппитэ биллэр.
Наум Слепцов 1959 сыллаахха Чөркөөххө саахымат куруһуогун үлэлэппитэ, Саха сирин алта чөмпүйүөнүн иитэн таһаарбыта. Гроссмейстердары, аан дойду, Европа, Арассыыйа чөмпүйүөннэрин бэлэмнээн таһаарбыт Мария Бырдыннырова – кини үөрэнээччитэ.
Онон Кыайыы күнүн көрсө ыам ыйын 5 күнүгэр Наум Слепцов бирииһигэр саахымакка, дуобакка көлүөнэлэр матчтара буолбута.
Сэрии бэтэрээнигэр – 1 мөлүйүөнү!
Ыам ыйын 6 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Кыайыы 79 сылын көрсө, Саха сиригэр олорор, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар 1-дии мөлүйүөн солкуобайы биэрэр туһунан ыйааҕа таҕыста.
“Биһиги эбээһинэспит – Дьоруойдарга дьоһун кырдьар саастарын хааччыйыахтаахпыт, кинилэр биһиги болҕомтобут, кыһамньыбыт үөһүгэр сылдьыахтаахтар. Кинилэр хорсун быһыыларын биһиги өйдүүбүт, киэн туттабыт!” диэн Айсен Николаев суруйда.
Бэтэрээннэргэ төлөбүрдэр
Дьокуускай куоракка бэтэрээннэр ый аайы ылар төлөбүрдэрин кээмэйэ төһөнүй? Дьокуускайдааҕы социальнай көмүскэл управлениетын дааннайдарынан:
70-80 саастаахтарга биэнсийэҕэ эбии төлөбүр (ДСВ) – 866 солкуобай;
Үлэ бэтэрээннэригэр эбии төлөбүр (ЕДВ) – 1226 солкуобай;
Тыыл бэтэрээннэригэр эбии төлөбүр (ЕДВ) – 1983 солкуобай;
Үлэ бэтэрээннэригэр хомунаалынай өҥөҕө төлөбүр (ЖКУ) – 1604 солкуобай;
Тыыл бэтэрээннэригэр хомунаалынай өҥөҕө төлөбүр (ЖКУ) – 2674 солкуобай;
Биэнсийэлээхтэргэ тиийинэн олоруу алын кээмэйэ – 19 666 солкуобай.
Биэнсийэлээх 80 сааһын туоллаҕына, страховой биэнсийэтин бигэргэммит чааһа икки төгүл үрдээбит кээмэйинэн төлөнөр.
Биэнсийэ бигэргэммит чааһа — бу страховой биэнсийэ судаарыстыбаттан мэктиэлэммит, ыстаастан, хамнастан уонна төлөммүт усунуостан тутулуга суох чааһа буолар. Холобур, 2024 сылга страховой биэнсийэ бигэргэммит чааһа 8134 солкуобайга тэҥнэһэр.
Онон 80 саастарын ааспыт кырдьаҕастарга биэнсийэ бигэргэммит чааһа 16 268 солкуобайга тэҥнэһэр (оройуоннааҕы коэффициены учуоттаабакка туран). Ол аата хотугу улуустарга бу сууматтан өссө үрдүк буолар. Биэнсийэлээх 80 сааһын туолла да, сайабылыанньа суруйара ирдэммэт, Социальнай пуонда бэйэтэ хос ааҕан, үрдэтэр. Төрөөбүт күнүттэн кэлэр ыйга үрдээбит биэнсийэтин ылар.