Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай таһымнаах суолларга 27 эбийиэккэ суол үлэлэрэ ыытыллыахтара. Уопсайа 222 км уһуннаах суолга.
Үүммүт сылга «Нам» суолугар уопсайа 7,2 килэмиэтири салгыы оҥоруохтаахтарын туһунан «Управтодор» ГКУ генеральнай дириэктэрэ Семен Филиппов иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, «Нам» суолун кэҥэтии (түөрт балаһа) Дьокуускай – Үс Хатыҥ хайысхатынан, 11- 8-с килэмиэтирдэргэ ыытыллар. Эбийиэккэ уопуттаах «Дороги Саха» САУо үлэлиир. Былаан быһыытынан суолу 2023 сылга туттарыахтаахтар.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак иитинэн, «Халыма — Булуҥ», «Устье — Кэмпэндээйи», «Тиксии-аэропорт», «Бороҕон», «Харбалаах», «Умнас», «Амма», «Мүрү», «Өймөкөөн», «Дьааҥы», «Бөтүҥ», «Мухтуйа» суолларыгар үлэлэр ыытыллыахтара.
Семен Филиппов иһитиннэрбитинэн, былырыын федеральнай бүддьүөттэн 1,3 млрд солкуобай көрүллүбүт эбит буоллаҕына, быйыл национальнай бырайыагы үлэҕэ киллэриигэ уонна муосталары тутууга икки бүк элбэх үп көрүллүөхтээх.
edersaas.ru