Бу күннэргэ «МИР» каарта Ираҥҥа үлэлиэҕэ — НВК Саха

Бу күннэргэ «МИР» каарта Ираҥҥа үлэлиэҕэ, билигин бырагырааматын оҥороллор диэн экономика миниистирэ Мехди Сафари иһитиннэрдэ.

«»МИР» cистиэмэтэ бу күннэргэ Ираҥҥа үлэлээн саҕалыаҕа. РФ уонна Иран үбү-харчыны дойдулар икки ардыларыгар ыытарга SWIFT аналогын оҥорорго сөбүлэһии түһэрсистилэр», — диэн Сафари эттэ.

«МИР» каартата билигин Соҕуруу Кореяҕа, Турцияҕа, Вьетнамҥа, Арменияҕа, Узбекистаҥҥа, Белоруссияҕа, Киргизияҕа, Таджикистаҥҥа, Казахстаҥҥа, Соҕуруу Осетияҕа уонна Абхазияҕа үлэлиир.

ТАР5АТ: