Бу нэдиэлэ саҕаланыытыгар өрөспүүбүлүкэ сэттэ оройуонугар быстах ардыыра күүтүллэр диэн Саха сиринээҕи ГМС иһитиннэрэр.
Ол курдук, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Сунтаарга, Өлөөҥҥө, Эдьигээҥҥэ, Булуҥҥҥа быстах ардыаҕа, онтон түүннэри этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр. Атын улуустарга сөҥүүтэ суох.
Кыра тыаллаах, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, этиҥнээх ардах түстэҕинэ тыал сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэҕэ тиийэ түргэтиэҕэ. Салгын температурата күнүс +20…+25, Дьааҥыга +23…+28, хотугулуу-арҕаа +16….+21, Арктика кытылыгар +8…+13.
Бүгүн, бэс ыйын 3 күнүгэр, Дьокуускайга соҕуруулуу-илинтэн тыаллаах, күнүс +24…+25 кыраадыс буолара күүтүллэр.