Саха сиригэр сааскы халаан эрдэ сабаҕалааһын быһыытынан саҕаланна. Ленскэй, Өлүөхүмэ, Амма уонна Алдан оройуоннарыгар үс суһал бөлөх үлэлиир диэн ЫББМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Өлүөнэ өрүс мууһун ыам ыйын 5 күнүгэр, үс суукка эрдэлээн, Саха сирин территориятыгар киллэрбитэ.
Билиҥҥитэ муус алын кытыыта Ленскэй улууһун Витим бөһүөлэгин аннынан устар. Үөһээ кирбиитэ Иркутскай уобалас Визирнэй бөһүөлэгин аннынан бэлиэтэнэр. Суукка иһигэр муус 76 км барда.
Ньүүйэ өрүс Ленскэй оройуонун Комака гидропоһун аннынан эһиннэ, муус хойуутук устар.
Өлүөхүмэ өрүс үөһээ сүүрүгүнэн Орто Өлүөхүмэ гидропоһунан Забайкальскай кыраайга хамсаата, уу сууккаҕа 90 см үрдээтэ. Өлүөхүмэ улууһун Дьиикимдэ – Куду Күөл уонна Токко учаастактарыгар муус турар, сорох сиринэн уу таһыма үрдүүр.
Забайкальскай кыраай сиригэр Витим өрүскэ сорох сиринэн муус көтөҕүллүбүт уонна уу таһыма кыралаан тахсар. Бу эргин өрүс ыам ыйын 12-15 күннэригэр эстэрэ сабаҕаланар.
Алдан өрүс былаһын тухары уу таһыма сууккаҕа 2-н 38 см диэри үрдүүрэ бэлиэтэнэр. Өрүс тардыытыгар муус хамсыыра бэлиэтэнэр.
Амма өрүс үөһээ уонна аллараа сүүрүүгэр муус көтөҕүллүбүт, орто сүүрүгэр – хамсыыр. Амма сэлиэнньэтин аннынан уу таһыма 177 см, муус хамсаан эрэр. Онон икки суукканан Амма гидропоһун аннынан өрүс эстэрэ күүтүллэр.
Бүлүү өрүс Сунтаар – Бүлүү учаастагынан ыам ыйын 13-15 күннэригэр эстэрэ сабаҕаланар. Оттон хоту уонна хотугулуу-илин өрүстэр кыһыҥҥылыы тураллар.
ЫББМ иһитиннэрэринэн, ааспыт сууккаҕа Амма, Таатта, Өлүөхүмэ уонна Алдан оройуоннарынан мууһу кэбирэтии үлэлэрэ ыытыллыбыт учаастактарынан кэтээн көрүү уонна салгын аалынан көтө сылдьан видеоҕа устуу ыытылынна. Итини таһынан гидротехническай тутуулары көрдүлэр уонна нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр үлэни ыыттылар. Бүгүн Ленскэй – Витим – Ньүүйэ – Ленскэй хайысханан кэтээн көрүөхтэрэ уонна Алдан, Амма уонна Таатта оройуоннарынан пилота суох көтөр аппаратынан видеоҕа устуохтара.