Бырабыыталыстыба авиа-тиэйээччилэри өйүүргэ 100 млрд солкуобайы көрдө

Бырабыыталыстыба салгынынан тиэйээччилэри өйүүргэ саҥа дьаһалы ылынна. Ол курдук, дойду иһинээҕи көтүүлэри тэрийии ороскуотун сороҕун толуйар туһунан этиллэр. Бу сыалга 100 млрд солкуобайы көрөр туһунан дьаһалга Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин илии баттаата.

Тиэйээччилэр ороскуоттарын толуйуохтаах бырагыраама бу муус устар ыйыттан саҕаланыаҕа уонна алтынньыны хабан туран, үлэлиэҕэ. Чопчу авиахампаанньа субсидиятын кээмэйэ пассажирдары таһыытыттан тутулуктаныаҕа. Үбү-харчыны ый аайы ыытыахтара.

Быһаарыыны бэрэсидьиэн сорудаҕынан ылыннылар. Уонна экэниэмикэни тас сааҥсыйалартан өйүүр миэрэлэргэ киирсэр.

“Маннык миэрэ ис линияларга пассажирдары таһыыны былырыыҥҥы сыл таһымыгар хаалларарга көмөлөһүөҕэ. Көтүүгэ сөбүгэр сыаналаах билиэт уонунан мөлүйүөн дьоҥҥо тиксимтиэ буолуоҕа”, — диэн Михаил Мишустин Бырабыыталыстыба мунньаҕар эппитэ.

 

РФ Бырабыыталыстыбатын саайтыттан

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: тустаах саайтан

ТАР5АТ: