Чэмэлиинэ Моржотова дьиэтигэр түмэл тэрийбит (хаартыска, видео) — Саха сирэ

Өлүөхүмэ улууһун I Абаҕа сэлиэнньэтин олохтооҕо Чэмэлиинэ Моржотова дьиэтээҕи ураты түмэли тэрийбит. Бүтүн 27 сыл устата иитиэхтии сылдьыбыт баҕа санаатын олоххо киллэрбит.

“Өссө 19 саастаахпар биир эмэ эргэ дьиэни сөргүтэн, түмэл арыйбыт киһи сэҥээриэхтэрэ дуу, суоҕа дуу диэн толкуйдуурум”, — диэн кэпсээнин саҕалыыр.

Экспонакка төрөппүттэрэ бэйэлэрэ туттубут малларын-салларын, иһиттэрин-хомуостарын, таҥастарын-саптарын туруорбут. Ийэтэ Августа Николаевна Боянова (Антонова) сүбэтинэн оҕо эрдэҕиттэн кыралаан былыргы тэрили мунньан испит. Итиэннэ түмэл арыйбытын истэн, нэһилиэк олохтоохторо, ыкса ыаллара эргэ маллары бэлэх ууммуттар. Билигин даҕаны көрдөрүүгэ диэн бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэ туралларын этэр.

Кыратыгар өссө эдьиийдэриттэн киниэхэ тиийэн кэлбит значоктары, аккырыыккалары, киэргэллэри мунньан саҕалаабыт. Билигин значогун ахсаанын быһа холуйан 700-800 тиийдэҕэ буолуо диир. Кэлин кэллэксэнньиэрдэри кытта билсиэҕиттэн статуэткалары, чуорааннары мунньар, былыргы суумкалары, чымадааннары сэргиирин этэр.

“Дьиҥэр, балаҕан туттуохпутун баҕарарбыт. Кэргэним маһын эҥин бэлэмнээбитэ эрээри, ыарыыттан орто дойдуттан бараахтаабыта. Кыра дьиэбит таах туран сытыйан хаалыа диэн түмэлбин манна арыйдым”, — диэн этэр. Балаҕан ыйын бүтүүтэ дьоҕус дьиэ (5х5,5 м.) ис бараанын оҥорон, биир дойдулаахтарын ыҥыран, сиэрин ситэрэн, туомун толорон үөрүүлээх быһыыга-майгыга аспыттар.

“Эбэбиттэн тиийэ кэлбит быһах, сарыы үтүлүк, ийэм оскуолатааҕы латыынныы суруктаах сибэдиэтэлэстибэлэрэ, таабыллара (1945-1949 сс.), оҕо аһыыр олоппоһо (1956 с.) бааллар. Нэһилиэгим олохтоохторо биэрбит ыйааһыннарын сылларын чопчу  билбэппит. Уонна ийэм сүктэн кэлбит былыргы сундууга, саквояһа бааллар. Ийэ кынным былыргы үс атахтаах чороону, Ленин икки бюстарын бэлэхтээбитэ”, — диэн экспонаттарын билиһиннэрэр. Бэйэтэ 1 саастааҕар кэппит баһымыай былааччыйата, оскуолаҕа үөрэммит тэтэрээттэрэ, пеналлара, о.д.а. бааллар эбит.

Биир эмэ сэдэх экспонатыҥ туһунан сырдатыаҥ буолаарай диэн көрдөспүппэр уһуннук толкуйдуу барбакка: “Эдэр киһи диэтэххэ, кырдьаҕас дьоҥҥо сыһыаныҥ, майгыҥ туох да наһаа үчүгэй, киирэ сырыт, кэпсэтиэх, чэйдиэх” — диэн ыкса ыалбыт Анна Алимпьевна Согдоева (Николаева) ыҥыра олорооччу. Биир үтүө күн чэйдии олорон, миигин ахта-саныы сылдьаар диэн аҕата сэриигэ барыан иннинэ, өссө өрөбөлүүссүйэ иннинэ бэйэтин илиитинэн оҥорбут шкатулкатын бэлэхтээбитэ. Оччотооҕуга сибэкки курдук ойуу түһэрэллэр эбит. Аны ваза, уу баһар күөх кувшин биэрбитэ. Күн бүгүнүгэр диэри өйдөбүнньүк гынан уура сылдьабын. Аҕата, хомойуох иһин, сэрииттэн эргиллибэтэх этэ. Ааттаах уус, абаҕалары абыраталаан олорбут, миэбэлгэ тиийэ уһанар эбит.

Биэс саастаахпар аҕабар маһынан гитара оҥорторбуппун өйдүүбүн. Онтум билигин бааар. Ол күнү санаатахпына, харахпын симтэхпинэ күн бэҕэһээ курдук көстөн кэлэргэ дылы – билигин көрөн турдахпына гитарата оҥор диэн модьуйбутум. Аҕам ыллыы-ыллыы, күлэ-күлэ кыһарын көрөн турбутум. Ол гитарабын хараҕым харатын курдук харыстаан уура сылдьыбытым 40 сыл буолла. Уонна мастан өтүйэ оонньуур баар, өссө ааппын суруйтарбытым көстөр. Аҕам кырааматаларын, мэтээллэрин, уордьаннарын эмиэ уура сылдьабын.

Ону таһынан, ийэбэр эдьиийэ бэлэхтээбит миин кутар таас иһит (супница), матырыйаалын Москва курдук ыраах куораттан сакаастаан ылан эбэм Евдокия Васильевна Антонова (Горохова) бэйэтигэр тиктибит сахалыы ырбаахыта бааллар. Ийэм 87 сааһыгар үктэннэ, уруккуну-хойуккуну кэпсиирин сэргии истэбит”, — диэн сырдатар.Арыллыаҕыттан түмэл аана сабыллыбат, оскуола оҕолоро, нэһилиэнньэ  сэҥээриитин ылбыт. Улахан дьон бэлиэ күннэргэ кэлэн хаартыскаҕа түһэн, чэйдээн бараллар эбит. Чэмэлиинэ Николаевна түмэлин экспонаттарын улахан, бэлиэ дааталарынан, бырааһынньыктарынан көрөн уларытар былааннаах. Холобура, үүнэр сылы көрсө харыйа туруоран, былыргы оонньуурдарынан симээн, фото зона бэлэмниир баҕа санаалаах. Түмэл хаһаайката инникитин былаана үгүс, өссө да ситэрэр-хоторор, сайыннарар толкуйа киэҥ.

Салгыы видео-устууну көрүҥ