Чэпчэтиилээх билиэт бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 29 күнүттэн, атыыга таҕыста.
Росавиация 2022 сылга субсидиялаах көтүүнү хааччыйыахтаах авиахампаанньалар испииһэктэрин таһаарда. Ол курдук, Уһук Илиҥҥи уокурукка саастарынан хааччаҕа суох чэпчэтиилээх көтүүнү «Алроса» (Мииринэй – Москва, Полярнай – Москва), «Аэрофлот» (Дьокуускай – Москва), «Ред Вингс» (Мииринэй – Санкт-Петербург, Дьокуускай – Санкт Петербург), «Якутия» (Нерюнгри – Москва) хампаанньалар хааччыйыахтара.
Кэлэр сылга доруобуйаларынан, саастарынан чэпчэтиини туһанар дьону «Алроса» (Мииринэй – Анапа – Геленджик – Иркутск — Краснодар — Красноярск — Москва, Новосибирск — Санкт-Петербург – Симферополь — Сочи, ону тэҥэ, Полярнай – Краснодар – Москва – Новосибирск – Симферополь – Сочи), «Аэрофлот» (Дьокуускай — Москва), «ИрАэро» (Дьокуускай — Москва), «Ред Вингс» (Дьокуускай — Екатеринбург — Сочи), «Сибирь» (Мииринэй – Анапа — Санкт-Петербург, Полярнай — Москва, ону тэҥэ, Дьокуускай – Владивосток), «Уральские авиалинии» (Дьокуускай – Геленджик), «Якутия» (Благовещенск – Дьокуускай, Красноярск — Дьокуускай, Нерюнгри — Москва – Новосибирск — Симферополь, Дьокуускай – Анапа – Владивосток – Екатеринбург — Иркутск, Краснодар, Минеральные Воды – Москва –Новосибирск – Омск — Санкт-Петербург – Симферополь – Сочи — Улан-Удэ, Хабаровск — Южно-Сахалинск) таһыахтара. Чэпчэтиилээх категорияҕа 23 саастарын туола илик эдэр дьон, 55-тэн үөһээ саастаах дьахталлар, 60-тан үөһэ саастаах эр дьон, 1 группалаах инбэлииттэр хапсаллар.
Билиэттэри хайа баҕарар анал каассаттан ылыллар, пааспарга Уһук Илиҥҥэ олорору туоһулуур прописка баар буолуохтаах. Бүгүн 12 чаас буолуон иннинэ Дьокуускай – Москва – Дьокуускай (Шереметьево) хайысханан көтүүгэ билиэттэр атыыга таҕыстылар. Онтон 12 чаас кэнниттэн бары хайысхаларга билиэт атыыта саҕаланыаҕа. Дьокуускайтан Москваҕа диэри көтүү улахан дьоҥҥо 10200 солк,, оҕолорго 6250 солк. буолар.