«Дьүөгэ» диэн тылы иһиттэҕинэ хас биирдии Чурапчы киһитэ киэн туттуу иэйиитинэн туолара саарбаҕа суох. Бэйэбит улууспутун ааһан, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ, дойдуга, кыраныысса таһыгар даҕаны Чурапчыны үгүстэ ааттаппыт «Дьүөгэ» иис сыаҕа бүгүн, алтынньы 9 күнүгэр, «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр 20 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ.
Источник: https://t.me/MunicipalformationChurapcha/6901