Дарья Филиппова «Мама в книге» хаартысканан бырайыага, «Култуура» анал аат «Неравнодушный гражданин-2021» Уһук Илиҥҥи уопсастыбаннай бириэмийэтигэр иккис миэстэ буолла.
Бу бырайыак 2020 сылтан олоххо киирбитэ, саха, нуучча уонна тас дойду айымньыларыгар ийэ уобараһын арыйар хаартыскалартан турар.
«Хаартыска-бырайыак кэм-кэрдии кирбиитигэр ийэ уобараһын саҥаттан көрөргө кыах биэрэр. Биһиги араас литература айымньыларыттан ийэ уобараһын ылан волонтердар уонна хаартыскаҕа түһэрээччилэр көмөлөрүнэн «тилиннэрдибит»», — диэн Дарья Филиппова кэпсээтэ.
Уопсайа 37 уобарас олоххо киирдэ, «Нуоралдьыма чараҥар» Өлөөнө эмээхсин, Гузель Яхина «Зулейха открывает глаза» романыттан Зулейха уонна Виктор Гюго «Отверженные» романыттан Виктор уобарастара интэриэһи ордук тартылар.
Билигин үлэни Smart-библиотекаҕа онлайн көрүөххэ сөп. Дарья Филиппова этэринэн, салгыы көһө сылдьар тыыннаах быыстапканы былаанныыллар.
Ону тэҥэ, «Айыы Кыhата» национальнай оскуолаҕа бырайыагы үөрэнээччилэр салгыахтара.
«Неравнодушный гражданин» бириэмийэ, социальнай суолталаах көҕүлээһиннэри тарҕатар уонна өйүүр сыалтан, 2015 сыллаахха Приморскай кыраайга олохтоммута.
2021 сылга, Бэрэсидьиэн гранын пуондатын уонна Уһук Илиҥҥи уокурук көҕүлээһиннэрин ааҕыныстыбатын бэрэстэбиитэлистибэлэрин көмөлөрүнэн, бириэмийэ бастакытын Саха сиригэр ыытыллар.