«Дети войны» анимационнай киинэ киинэ бэстибээлигэр муҥутуур кыайыылаах буолла

Сэттис төгүлүн ыытыллар Байкааллааҕы региональнай киинэ бэстибээлигэр саха анимационнай «Дети войны» киинэтэ муҥутуур кыайыылаах буолла.

Маны тэҥэ байыаннай драматическай тиэмэни сырдатар үрдүк таһымнаах документальнай анимациятын иһин кинематографистар сойуустарын Иркутскайдааҕы салаата анал бирииһин туттарда. Киинэҕэ Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Таатта улууһун оҕолорун дьылҕата көстөр.

Киинэ дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэлэргэ олоҕурар. Анимацияны бэрэсидьиэн гранынан «Күн оҕолоро» айар устуудьуйа оҥорон таһаарбыт.

Дьүүллүүр сүбэ режиссера Айаал Адамов Найба олохтоохторун туһунан «Белая земля» үлэтигэр «Лучшее визуальное решение» диэн анал ааты биэрбит. Бэстибээл шорт-лииһигэр бу сылга 41 киинэ киирбит.