Иннокентий Васильев (Лэгэнтэй) саха култууратын сайдыытын туһунан санаатын эттэ.
«Ырыа эйгэтигэр тус санаабар айымньы ис хоһоонун көрөн, патриотическай санааны уһугуннарар, омугу, дойдуну түмэр ырыалар тахсыахтарын сөп дии саныыбын. Ил Түмэн таһымыгар көрдөхпүнэ, култуура кэмитиэтэ анал үлэни ыытыаҕын наада. Бу ырыаҕа эрэ буолбакка, киинэбит да эйгэтигэр дойдубут олохтоохторо биир санаалаах, толкуйдаах буолалларын гына сөптөөх айымньылар тахсыахтаахтар, үлэлэр оҥоһуллуохтаахтар. Сахабыт сиригэр элбэх сойуустар, түмсүүлэр бааллар, олору кытары кэмитиэт быһаччы үлэлиэхтээх дии саныыбын», — диэн СӨ култууратын туйгуна, Үөһээ Дьааҥы улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Васильев санаатын эттэ.